СӨ сыа бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмиэтэ алтынньы 1-кы күнүттэн хомунаалынай өҥө тарыыба хайдах быһылаахтык ыараабытын туһунан быһаарда.

РФ барабыыталыстыбатын дьаһалынан, 2027 с. Саха сиригэр хомунаалынай өҥө тарыыбын орто индексин 18,9%-нан ыараппыттар. Муниципальнай тэриллиилэргэ ити көрдөрүү муҥутаан 8,1%-нан араастаһыан сөп. Ол гынан баран, сорох дьиэ хааччыллыыта хайдаҕыттан көрөн, муҥутуур сыана 27%-тан ыарыа суохтаах дэнэр. Ол иһин муниципалитеттарга барыларыгар муҥутуур сыананы 27%-нан быспыттар.

Холобур, Дьокуускай куоракка 63 кв. м иэннээх дьиэҕэ олорор үс киһилээх дьиэ кэргэн төлөбүрэ 18,7%-нан ыараабыт. Биэс эбэтэр онтон элбэх этээстээх дьиэҕэ олорооччуларга – 17,6%-нан, биир этээстээххэ – 20,4%-нан, ситэтэ суох хааччыллыылаах, икки этээстээх, 48 кв. м иэннээх дьиэҕэ – 21,6%-нан, хааччыллыыта суох (неблагоустроенный) эрээри, гааһынан оттулар 90 кв. м иэннээх дьиэҕэ – 11,6%-нан, оһоҕунан оттуларга – 11,4%-нан.

Кэмитиэт этэринэн, ити биирдиилээн өҥө буолбакка, үрдээһин бүттүүн сыаната буолар. Бүтэһиктээх төлөбүр ыал төһө элбэх өҥөнү туһанарыттан, ый устата тугу, төһөнү туһаммытыттан таҥыллан быһыллар. Аны туран, индексация төлөбүр хонтуруолланар эрэ өлүүтүгэр оҥоһуллар: ититиигэ, ууга, кирдээх ууга, уокка, гааска, бөҕү харайыыга.

Кыра дохуоттаах ыалга субсидия көрүллэр. Өскөтүн ыал бүттүүн дохуотун 15%-тан элбэх харчы ЖКУ ороскуотугар барар буоллаҕына, кинилэр сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Ону таһынан, чэпчэтии биэстэн элбэх оҕолоох ыалга, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эмиэ баар буолар. Холобур, былырыын 7,4 тыһ. кэриҥэ ыал чэпчэтиини туһаммыт. Субсидия ааҕыныстыбатын нүөмэрэ: 8 800 222-50-70.

Кыым.ру
Хаартыска: ук-вас35

 

Бүтэһик сонуннар