Дьааҥыга тайах күһүн Иһийээнэптэн саҕалаан этэр (сүүлэ киирэн тыһы көрдүүр) дииллэр. Атыыр буур тайах муҥутаан 3-4 илиигэ тиийэ халыҥ тастанар-сыаланар. Ол эрээри этэрин саҕана, ыйга тиийбэт кэм иһинэн, онтун быһа түһэн кэбиһэр, нэһиилэ хаамар буолар гына ырар. Оннук тайах этин киһи кыайан сиэбэт – амтана суох буолар.
Аны туран, буур баарыгар тыһытын сиргэ ииктэппэккэ айаҕар түһэрэн иһэн иһэр. Онон кини этэ амтана суох буоларын ааһан, олус холлор, ирчилэнэр (хос, куһаҕан, атыннык эттэххэ, “иккилээх амтаннанар”).
Ырара диэн – тыһыны көрдөөн хас эмэ көһүнэн сири наар сүүрүүнэн сылдьан, эргийэн кэлэр. Киниэхэ элбэх тыһы наада быһыылаах. Сайын булбут тыһытын, хас да оҕолоннун, чогдоон сиргэ (улахан мастаах үрдүк тыа) хаалларан баран хаалар. Ол сылдьан атыыр тайахха түбэстэҕинэ бухатыырдаһан, хайаан да харсан кыайар эбэтэр кыайтаран куотар. Арааһа, барар сиригэр өрүс да, күөл да түбэстин тохтообот – сирэйин хоту харбаан туоруур. Икки хараҕа хааннааҕынан, чэлкэлээҕинэн көрөн утары иһэр буоллаҕына, булчут да сыт биэрбэккэ куоттаҕына сатанар түбэлтэлэрэ эмиэ баар буолаллар эбит. “Ол урут булан бэйэтэ таптыыр чогдоонугар тохтотон хаалларбыт тыһытыгар хонук аайы, төһө да ыраах тэлэһийэ сырыттар, кэлэн барар”, – дииллэр саастарын тухары тайахтаабыт улахан булчуттар. Дьэ, тайах итинник дьаабыга-сүүрүүгэ, охсуһан харсыһыыга ыран сордонор. Сэһэҥҥэ киириэҕиҥ.
Маннык түгэҥҥэ Табалаах нэһилиэгин булчута, хос аата Мойоо диэн киһи, көҕөччөр ааттаах алыыны туораан испит. Ол истэҕинэ халдьаайыттан муостаах эдэр тайах сиэлэн дьуодьарыйан, элэҥ-сэлэҥ үктээн, бу Мойоону аттыгар ойоҕолуу түспүт. Ону көрөн ат эмиэ бокуой биэрбэккэ сиэлбит. Киһи өй булан тэһиинин тайах диэки сыстардыы тардыалаан, атаҕынан атын киксэрэн, табылыйбыт.
Адьас сыстыһар курдук буолалларын, аттаах тайах кэккэлэһээттэрин кытта, Мойоо тайах үрдүгэр ыстанан, миинэ түспүт. Дьэ, доҕоор, тайах быыппастан, ой да ой буолбут. Мойоо “тыаҕа эрэ тахсыан иннинэ туттан хаалыахха” дии санаан, куруттан биир харыстаах быһаҕын кылбаппытынан таһааран, тайаҕы сүнньүгэ саайбыт. Кыыла биирдэ баран түспүт.
Мойоо тайах муоһун үрдүнэн иннигэр ыраах көтөн тиийэн ат буола түспүт. “Итинник харса суох, сылбырҕатык бултаабыта”, – диэн оччотооҕуга туран эрэ булчут киһи Христофор Петрович Слепцов-Ньыма Христофор (1871-1959 сс.) кэпсээбитэ.
С.П. Колосов 1988 с. сыллааҕы суруйуутуттан. Мэҥэ Хаҥалас,
Майа, Кэбэс.

