Түүл көрүҥнэрэ
Киһи өйүн-санаатын киэҥ куйаарын биир дьикти көстүүтэ – иччилээх түүл. Маннык түүлгэ туох барыта быдан чаҕылхай, өҥнөөх буолан көстөр. Ону тойонноон төбөнү үлтү сынньар, таайа сатаан санааргыыр наадата суох. Ити – киһи дьонтон ураты кистэлэҥ кыаҕын ой дуораана, кыралаан тыккырыыр сүүрээнэ.
Киһи түүн да аайы түһүөн сөп. Түүл сороҕор үрүҥ-хара, өҥнөөх буолар. Сорох түүлү хас кэрчигэр тиийэ өйбүтүгэр хатыыбыт, сороҕу тута умнабыт. Оттон сорох ардыгар түүлү бэйэбит салайабыт, уларытабыт. Ол «люциднай” диэн ааттанар эбит. Итинник көстүү мэйии аҥаара утуйар кэмигэр иккиһэ уһуктан эрэриттэн тахсар. Киһи утуйа сытарын билэр эрээри, түүлгэ буолар хамсааһыны бэйэтэ салайар, уларытар.
Түүл таайыллыбатах, миистикэлии көрүҥэ – иччилээх түүл. Оннук түүл чахчы баарын Авраам Линкольн, Альберт Эйнштейн, Редьярд Киплинг, Марк Твен, Михаил Ломоносов, Никола Тесла, киһи аймах устуоруйатын былаһын тухары онтон да атын үлүгэрдээх элбэх киһи туоһулуур.
Билим иччилээх түүлү түөрт көрүҥҥэ араарар:
1. Тугу да таайбат, көннөрү сөп түбэһии түүл.
2. Түүл төрүтэ дьиҥнээх олохтон оҥоһуллар. Холобур, киһи күн устата туох эрэ интэриэһинэйи билэр. Ол мэйии хайа эрэ хаспаҕар хатанар. Онтон утуйдахха, ол кистэммит көстүү түүлгэ киирэн, салгыы сайдар.
3. Инникитин буолуохтааҕы түүйэр түүл. Миистикэ үөрэҕин дьоно этэллэринэн, биһиги дууһабыт инники олохпутугар баран кэлэр уонна түүл көмөтүнэн инникитин туох буолуохтааҕын дьаарыстыыр. Холобур, кыыс үлэтигэр баран иһэн, эдэр уолу кытта билсэрин түһүүр. Сарсыныгар кини түүлгэ көрбүт уолун чахчы көрсөн билсэр.
4. Киһи ыарыытын кытта ситимнээх түүл. Холобур, тыынар уоргана мөлтөх киһи кинини муомахтыылларын, сүрэх ыарыылаах сүрэҕин тугунан эрэ аспыттарын түһүөн сөп.
Иччилээх түүлү түһээт да, тута түүлү тойоннуур кинигэттэн ааҕан, түмүгү оҥосто охсор наадата суох. Киһи бэйэтэ эмиэ тойоннуур, сылыктыыр, үчүгэй өттүгэр иэҕэр кыахтаах диэн үөрэхтээхтэр этэллэр.
Түүл сүппүт дьону буларга көмөлөспүтэ
Бастакы түбэлтэ. Иччилээх түүл ис дьыала уорганнарын үлэһиттэригэр буруйу арыйарга көмөлөспүт түгэнэ балачча элбэх. ХИФУ биир преподавателэ бэрт дьикти түгэҥҥэ түбэспиттээх. Иччилээх түүл көмөтүнэн полиция үлэһиттэрэ ол дьахтар сураҕа суох сүппүт кэргэнин булбуттара. 2012 сыл күһүнүгэр эр киһи дьиэтиттэн тахсан баран төннүбэтэҕэ. Чугас дьоно тута полицияҕа биллэрбиттэрэ. Көнө сүрүннээх, үтүө сүрэхтээх киһи ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ дьикти этэ. Дьахтар кэргэнэ мээнэҕэ сүппэтэҕин тута сэрэйбитэ.
Эр киһини дьаныһан туран өр көрдөөбүттэрэ. Билэр дьонуттан барыларыттан ыйыталаспыттара. Көрдүү сатаан баран, үлэни саас, хаар уулуннаҕына, салгыырга быһаарбыттара. Оннук быһаарыыны сүппүт киһи сөбүлээбэтэх быһыылааҕа. Үс кыһыны быһа кэргэнин түүлүгэр киирэрэ. Көмө көрдүүрэ, дьиэтиттэн чугас сытарын, олус тоҥмутун этэ сатыыра, этин-сиинин була охсон, харайарга көрдөһөрө. Дьахтар хаста да хатыламмыт түүлүн туһунан силиэдэбэтэлгэ кэпсээбитэ. Дьолго, эдэр исписэлиис болҕомтолоох буолан биэрбитэ. Кини туруорсуутунан сүтүктээх ыал дьиэтин эргинин хас миэтэрэтигэр тиийэ чинчийбиттэрэ. Оперативнай бөлөх эр киһи өлүгүн дьиэлэр анныларынан, үрдүлэринэн, тэхиниичэскэй этээстэринэн көрдөөбүтэ. Кэмниэ кэнэҕэс саас аттынааҕы дьиэ анныттан булбуттара. Эр киһи олохтон барыытыгар ким эрэ «көмөлөспүтэ” бааһыттан-үүтүттэн көстөрө. «Ити түгэн кэнниттэн мин көстүбэт эйгэ баарын итэҕэйэбин. Кэргэним барахсан түүл нөҥүө миэхэ сибээскэ тахса сатаабыт. Эспиэрдэр быһаарбыттарынан, кини төбөҕө охсууттан ыкса күһүн өлбүт. Дьиэ анныгар көрүүтэ-харайыыта суох сытарын биллэрэн, миэхэ түүлбэр киирэн биллэрбит”, – диэн огдообо билинэр.
Иккис түбэлтэ. Дьокуускайга олорор кырдьаҕастар улахан уоллара сүппүт. Кэргэниттэн арахсан баран, эр киһи төрөппүттэригэр көһөн кэлбит эбит. Үлэтигэр бараары тахсан баран төннүбэтэх. Полиция үлэһиттэрэ сылы быһа көрдүүр кэмнэригэр кырдьаҕастар биллэрдик мөлтөөбүттэр. Хас аан чуораанын, төлөпүөн тыаһын кэтэһэн, таһырдьа массыына тыаһаатаҕына, болкуоҥҥа тахсан, улаханнык илистибиттэр. Сотору ийэтигэр биир түүл хатыланар буолбут. Уола дьиэтин кырыыһатыгар сытарын этэр, харайарга көрдөһөр эбит. Кырдьаҕас түүлүн полиция үлэһиттэригэр кэпсээбитин илиилэринэн сапсыйбыттар. Сыл буолан баран, бүтэһик этээс лүүгүттэн булан ылбыттар. Эр киһи кэргэниттэн, оҕолоруттан арахсыбыт аһыытын тулуйбакка, бэйэтигэр тиийиммит. Уолларын батыһан, кырдьаҕастар эмиэ уһаабатахтар...
Үһүс түбэлтэ.
Хатыҥ Үрэххэ олорор кырдьаҕастар итиннэ уолан турар күөл иччилээҕин туһунан этэллэр. Ити сир туһунан элбэх кэпсээн уруккуттан баар. Бүтүн күөлтэн билигин оҥойо уолбут бадараан онно эрэ хаалбыта мээнэҕэ буолбатах. Күөл уоларын уолбут эрээри, киһи хараҕар көстүбэт күүһэ, салгына сүппэтэх. Бу – 16-с үйэттэн баар күөл биир эрэ киһи тыынын ылбатаҕа.
Олохтоох кырдьаҕас кэпсиир:
– Даачабыт сирэ былыргы. Өбүгэлэрбититтэн бэриллэн биһиэхэ тиксибитэ. Хаста даҕаны бэрт дьиибэни көрөн турабыт. Биирдэ, тэлэбиисэр көрө олордохпутуна, оҕонньорум «тэлгэһэҕэ киһи хаама сылдьар” диэбитэ. Тахсан көрбүппүт – ким да суох. Суола да көстүбэт. Түөһээҥки оҕонньорбор мөҕүттэн, төттөрү киирбиппит.
Биирдэ утуйа сытан, аттынааҕы хоско тыаһы истибиппит. Онтон төрүт даҕаны тоҥсуур иһиллибитэ! Тиийэн көрбүппүт – ким да суоҕа. Тахсан истэхпитинэ, ким эрэ орон анныгар тыаһаабыта. Итинник хартыына сайыны быһа буолбута. Аны иккиэммитигэр биир түүл киирэрэ: дьиэбитигэр хара куоска олорорун көрөрбүт.
Биллиилээх биоэнергетик Сылыгы ыҥыран көрдөрбүппүт. Туох эрэ тэриллээх кэлэн, даача тулатын чинчийбитэ. «Ити күөл диэки ыйар. Онтон куһаҕан эниэргийэ кэлэр”, – диэбитэ. Даачабытын уларытан, көһөрбүтүгэр сүбэлээбитэ. Биһиги көһөртөн кыккыраччы аккаастаммыппыт. Онуоха дьиэбитин эргийэ сылдьан, күөл тулатын ыраастаабыта. Ити кэнниттэн тыас-уус уурайбыта, түүлбүтүгэр хара куоска киирбэт буолбута эрээри, күөл диэки араас тыаһы-ууһу билигин даҕаны истэбит. Итинник бу эргин уһуннук олорбут дьон эмиэ кэпсииллэр.
Таҥара көмөтө дуу, уолун өйөбүлэ дуу?
Сааһыра барбыт биир дьахтар өссө атын дьиктини кэпсээбит.
– Дьэ, киһи быстарара кэллэҕинэ, быстарар буолар эбит. Бэл, килиэп да атыылаһар харчыта суох хаалбытым. Дьонтон көрдөһөрү, көрдүүрү илиибин быстарга холуур майгылаахпын. Биэнсийэм сыыһа хаһан эрэ өйүм баайыллан ылбыт кирэдьииппин төлүүргэ барар буолан, илиибэр ыларым быыкаа этэ.
Соҕотоҕун олорорум. Биир уоллааҕым атын куоракка баар. Арай түһээтэхпинэ, уолум кэлэн ыскаабы хасыһар. «Тоҕо төлөпүөҥҥүн араардыҥ?” дии-дии кыыһырар. Оннук түүл хаста да хатыланна. Биир күн, тугу да гынара суох олорон, ыскаап иһин хомуйарга санаммытым. Онтон өрдөөҕүттэн быраҕыахпын санаталыыр суумкабар хараҕым хатаммыта. Бу сырыыга баҕас быраҕарга быһаарыммытым. Онтон арай суумканы таҥнары туппутум – иһиттэн 1 мөһөөх харчы тэлээрэн, муостаҕа түспүтэ! Соһуйан, үөрэн, хараҕым уута субурус гыммыта.
Дьэ, буолар да эбит! Бу суумканы хаста-хаста таҥнары туппуппун ааҕан сиппэппин. Оннооҕор хаста да сууйан турардаахпын. Онно ити биир мөһөөх хайдах киирэн хаалбытын сатаан санаабаппын. Харчыбынан килиэп, үүт ылан, сэргэхсийбитим. Ыалбар тахсан, уолбар эрийэригэр көрдөспүтүм. Сотору уолум кэлэн, дьиэбин өрө тардан, быстах үлэ, бэл, дьукаах кыыһы булан, харчы хаалларан барбыта. Илдьэ бараары гыммытын буолумматаҕым. Олорон кэлбит дьиэбэр үйэбин моҥуур санаалаахпын.
Төрөппүт оҕоҥ кырдьар сааскар көрүөхтээх-истиэхтээх эбит, бу санаатахха. Мин оҕом олоҕор орооспот эрэ айдааннааҕым. Түүлбэр дьиктини көрбөтөҕүм буоллар, тулаайах үөскээбит, көмөнү көрдүү үөрэммэтэх киһи, мин, соҕотоҕун олорбутунан хоргуйан өлүө эбиппин. Билигин, бэл, суотабай төлөпүөннэнэн, олордор ыалланан, саха тэҥэ суох сананан олоробун.
Дьэ, ити кэнниттэн киһи туох түмүгү оҥостуон сөбүй? Иччилээх түүл диэн чахчы баар. Онуоха болҕомтону ууруохха наада.
Оксана ЖИРКОВА бэлэмнээтэ.

