Бултуу сылдьан сороҕор олус көрдөөх, соһуччу түгэҥҥэ түбэһэн ылаҕын. Мин бүгүн биир оннук түгэн туһунан ааҕааччыларга кэпсиим.

 

 

***
   Бииргэ төрөөбүт улахан убайым Филипп Данилович онно улахан кыттыгастаах. Бэйэм оччолорго уоммун ааһан эрэр уолбун, ону-маны өйдүүр буолбут кэмим. Кэпсиир сирим – Чурапчы Мырылата. Оройуон уһук нэһилиэгэ буолан, булт-ас дэлэй кэмэ этэ. Дэриэбинэттэн баара-суоҕа 4-5 биэрэстэлээх өрүс нөҥүө өттүгэр, кэрискэ хайалар кэннилэригэр дьиҥнээх “эһэ, бөрө дойдута” саҕаланар. Нэһилиэккэ анды үөрдээн устар түөрт күөлэ баар: өрүс уҥуор – Арыы Күөлэ, бэтэрээ биэрэккэ – Бурхаанай, Кыачалахы, Амыдай. Олорго дьон анал сирдээхтэр, сыллата онно бултууллар. Мин кэпсиир кэммэр өрүс уута хас да сыл субуруччу кэлбэтэҕэ. Бурхаанай хомуһа олус үүнэн, уста сылдьар кутаҕа кубулуйан, тыал хайа диэки үрэр да, онно устар буолан, киһи сатаан дурдаланан сыппат буолбута. Инньэ гынан, онно “сытар” дьон атын сиргэ көһөн биэрбиттэрэ.
   Убайым аах дэриэбинэттэн чугас Амма өрүскэ, Маталаахха тахсар сиргэ, балачча сири солоон миэстэ таһаарыммыттара. Мин өйдүүрбүнэн, кыттыгастар сэттиэ этилэр. Тоҕо эрэ ол сыл андыны көҥүллээбэтэхтэрэ. Кыһыйбыт курдук, анды үчүгэйдик киирэр сыла буолбута. Биир түүн анды хойуутук түһэн, аҕыстыы андыны үллэстибиттэр. Урукку дьон сиэринэн сокуону тутуһар буоланнар, хайдах эрэ уоран бултаабыт курдук туттан, убайым аҕалбыт андыларын тута умуһахха түһэрбиттэрэ. Ону үчүгэйдик өйдүүбүн. Хата, ол оннугар эһэни бултуур улахан хааччаҕа суоҕа.
***
   Арай биир түүн бары дурдаларыгар киирэн олордохторуна, хараҥаҕа кинилэртэн сүүрүк үөһэ өттүнэн туох эрэ хара бөлчөх өрүскэ харбаан киирбит уонна бөһүөлэк диэки дьулуруйбутунан бара турбут. Биһиги дьоммут “хайа, тайах илэ бэйэтинэн устан барда” диэн түптэ үөһүгэр түспүттэр.
   Булчут Ньукууга “тыынан киирэн төттөрү үүр, оччоҕо биһиги мантан бултаһыахпыт” диэн ыыппыттар. Хайаларыгар да сүнньүөх суох эбит. Ньукуу кыылын диэки хараҕын кырыытынан көрө-көрө, хайдах эмэ гынан анараа биэрэккэ урут тиийдэрбин диэн, туох баар күүһүнэн түһүнэр. Эдэр киһи күүһэ-уоҕа дэлэ буолуо дуо, урутаан биэрэги булар.
   Арай бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан иһийэн олордохторуна, “атын күтүр эбит!” диэн хаһыытаан бытарыппыта ой дуораана буолан ыраахха диэри сатараан иһиллэр. Киһилэрэ иккитэ ытар тыаһа иһиллэр. Ону кытта суостаах часкыыр өрө хабылла түһэр. Биһиги дьоммут тайах буолбакка, тыатааҕы буоларын билэн, икки тыынан киһилэрин быыһыы ыстаналлар.
   Кэнники истэн билбиттэрэ, маннык буолбут. Уол утары устан иһэр эһэни адьас тирээн туран икки хараҕын тэһитэ ытыалаан кэбиспит. Инньэ гынан эһэ дьону көрбөккө, өрүс үөһүгэр төттөрү устан киирбит. Икки тыынан күөйэ сылдьан харса суох ытыалаан барбыттар. Кыыллара, биир киһи ыттаҕына, өрө ыстанан баран ууну таһыйаат, саа тыаһаабыт сирин диэки устар эбит. Онтон иккис киһи ытан саайдаҕына, ол киһи диэки харбыыр эбит. Оннук ытыалаһа-ытыалаһа айаннаан, таас хайа анныгар тиийбиттэр. Анаҕастаах да буоллар кыыллара дьэ кэмниэ-кэнэҕэс мөлтөөн барбыт. Ол кэмҥэ биэрэк устун сүүрэ сылдьар атастара туоһапканан ытыалаан тыынын салҕаабыттар.
   Күнүс тиэйэн аҕалан олбуор иһигэр сүлбүттэр. Онно көрдөхтөрүнэ, тура төбөҕө ытыллыбыт буолан, мурун өттө төрүт да суох буолбут үһү. Ыас хара өҥнөөх, аарыма улахан атыыр эһэ эбит. Сааскы кыыл буолан ханан да сыата суоҕа дииллэрэ. Эмиэ ити сыл биһигиттэн чугас баар Даайа Амматын аччыгый күөлүгэр андылыы кэлбит дьон күөлгэ харбыы сылдьар эһэни өлөрөн тураллар.
***
   Кырдьаҕастар “арааһа, туохха эрэ олуйтаран айаннаан иһэн түбэспиттэрэ дуу, эбэтэр сайылыыр сирдэрин булунаары сир уларытар кэмнэрэ эбитэ дуу” дииллэрэ. Дьэ, ким билэр.
 
Николай КРОННИКОВ.

Бүтэһик сонуннар