Быыбар хамыыһыйаларыгар нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-быһаарар үлэ тигинэччи бара турар. Гажданнар быыбардыыр бырааптарын хааччыйаары, бары күнүстэри-түүннэри үлэлииллэр. Маны сэргэ хандьыдааттар биэрбит сибидиэнньэлэрэ төһө кырдьыктааҕын бэрэбиэркэлиир үлэ түмүктэнэн эрэр.

Быыбар хамыыһыйаларын үлэһиттэрин тэйиччиттэн үөрэтии салҕанар. Бүгүҥҥү туругунан УИК 2000 чилиэнэ үөрэнэ сылдьар.  ОИК уонна ТИК үлэһиттэрэ үөрэнэн бүппүттэр. Муниципальнай тэриллиилэргэ быыбар докумуоннарын тиэрдэллэр. Уустук суоллаах-иистээх уонна уһук сиргэ сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга болдьох иннинэ куоластааһыны тэрийиигэ бэлэмнэнэллэр.  

Сонун төрдө: ЦИК