Бассаап ситиминэн хайа эрэ хаһыат «Атырдьах ыйын 1 күнүттэн 32 600 тыһ. солкуобайтан намыһах биэнсийэлээхтэри соһуччу үөрүү күүтэр» диэн ис хоһоонноох ыстатыйатын хаартыската тарҕанна. Кыра биэнсийэлээхтэр ону көрөн долгуйдулар, айманнылар, өссө сорохтор «Тоҕо ити туһунан тугу да суруйбаккыт?» диэн ирдэһэн турдулар.

Онон, үөрүүлээх сонун төһө оруннааҕын, биэнсийэҕэ эбии төлөбүр хайдах ананарын билээри, Арассыыйа социальнай пуондатын аһаҕас 8 (800) 100-00-01 нүөмэринэн эрийэ сырыттыбыт. Лииньийэ үлэһитэ «Эбии төлөбүр атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ эрэ, ону даҕаны төһө бааллаахтарынан көрөн, ананар » диэн иһитиннэрдэ. Итинтэн атын туох да миэрэ киирбэтэҕин эттэ.

Лииньийэ үлэһитэ, баҕар, тугу эрэ билбэтэ буолуо диэммит, РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатыттан ыйыттыбыт. Онуоха маннык быһаарыы биэрдилэр:

«2023 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа социальнай пуондата 2022 сыл устата үлэлээбит биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрин хаттаан ааҕыа. Манна биэнсийэлээх төһө хамнаһы ылбытыттан көрөн эбии төлөбүр олохтонуо. Төһөнөн үрдүк хамнастаах да, төлөбүрэ эмиэ үрдүк буолуо, ортотунан ыйга 235,08 солк. эбиллиэ. Биэнсийэни хаттаан ааҕыы сайабылыанньата суох быһа оҥоһуллар, онон ыйдааҕы биэнсийэни кытта бииргэ бэриллэр.

Бу миэрэни саастарынан уонна доруобуйаларынан биэнсийэҕэ тахсыбыт уонна иитээччилэрин сүтэрбит биэнсийэлээхтэр (2022 сылга үлэлээбит буоллахтарына) бары туһаныахтара. Саха сиригэр 2022 сылга барыта 95 332 үлэлээбит биэнсийэлээх баар».

Онон, хомойуох иһин, кыра биэнсийэлээхтэр үөрүүлэрэ олоҕо суох буолан биэрдэ. Оттон үлэлиир биэнсийэлээхтэр биирдэ да үрдээбэт биэнсийэлэригэр ый ахсын иккитэ сиир килиэп харчыта эбиллэн биэриэ буоллаҕа. Кыра да буоллар, син туох эрэ хамсааһын.  

Бэйэ кэр.