Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Таатта Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр 5 саастаах кыыс сүппүтэ. Кини дьиэтиттэн быһа холуйан күнүс 12:30 чааска тахсан барбыт.  Ол кэмҥэ ийэтэ дьиэ-уот түбүгэр сылдьыбыт курдук.

Хомойуох иһин, бөлүүн оҕо өлүгүн Таатта үрэхтэн буллулар. Көрдүүр-быыһыыр сулууспа салайааччыта иһитиннэрбитинэн, дьиэ кэргэн үрэхтэн чугас олорор эбит. Онон сылыктаатахха, оҕо үрэххэ бэйэтэ сөтүөлүү киирбит буолуон сөп. Быһылаан буолбут сиригэр силиэстийэ бара турар.

Ытыктабыллаах төрөппүттэр, эһэлэр, эбэлэр уонна бары улахан дьон, бука диэн бэйэҕит оҕолоргутун уонна хараххыт далыгар сылдьар оҕолору көрө-истэ, кэтии-маныы сылдьаргытыгар көрдөһөбүт. Кыра оҕо өйүгэр туох санаа көтөн киириэ биллибэт. Сайын оҕоҕо ордук сэрэхтээх кэм буоларын умнумаҥ. 

Сонун төрдө: https://sakhaday.ru