Томпо улууһугар бөһүөлэктэн бэрт чугас сылгыга-сүөһүгэ саба түһэр тыатааҕыны сонордууллар. Эһэ Кэскил бөһүөлэгин таһыгар сылгыга саба түспүт, биир кулуну уонна биэни бааһырдыбыт. Онон сибээстээн, олохтоохтор экологтарга тахсан, “уодьуганныахха наада” диэн көрдөспүттэр. СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ кырдьаҕаһы өлөрүөх буолбут.

“Томпонский вестник” телеграм-ханаал иһитиннэрэринэн, тыатааҕы биир биэни кытта кулуну бааһырдыбыт. Сылгылар өлбөтөхтөр эрээри, улаханнык эмсэҕэлээбиттэр. Уопуттаах булчуттар “түөрт саастаах атыыр эһэ” диэн быһаарбыттар, сонордоһуох буолбуттар.
 
Санатар эбит буоллахха, аҕыйах хонуктааҕыта Хаҥалас улууһугар биир эһэ дьахтарга саба түспүтэ. Дьолго, түөрт уон саастаах сир асчыт дьахтар тыыннаах хаалбыта. Итинэн сибээстээн, быыһыыр-сулууспалар уонна Экология министиэристибэтэ ойуурга-тыаҕа сэрэхтээхтик сылдьарга ыҥырар.