Уһук Илини ааһан бүтүн Арассыыйа үрдүнэн биир саамай улахан култуурунай киин буолуохтаах тутуу 2024 с. бүтүүтүгэр үлэҕэ киириэхтээх.

Эбийиэк архитектурата эриэккэһинэн уонна ирбэт тоҥ үрдүгэр тутуллубут, ханна да суох улахан комплекс аатын сүгэринэн кэрэхсэбиллээх.

36 м үрдүктээх тутуу 7 этээстээх уонна 33 тыһ. кв. м иэннээх буолуохтаах. Манна Судаарыстыбаннай Филармония, Олоҥхо уонна Саха тыйаатырдара көһөн киириэхтээхтэр. Онтон саалаларга 1530 көрөөччүгэ миэстэ бэлэмнэниэ. Маны таһынан, араас тэрээһиннэр, быыстапкалар, эрэпэтииссийэлиир, муусука устар хосторо, кафе уонна эрэстэрээн баар буолуохтара.

СИАттан быһа тардан.