Дьокуускай аннынан муус барда Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Уу таһыма 496 см буолла. Муус үөһэ кирбиитэ Хаҥалас улууһун Иһит бөһүөлэгин аннынан баар. Онно у... | Уу суола суолтатын сүтэрбэт |
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Олимпийскай дэриэбинэтэ эһиил «Азия оҕолоро» V аан дойдутааҕы оонньуу уонна «Арассыыйа – спорт державата» форум кыттыылаахтарын көрсүө.
Быйыл уопсай дьиэлэри өрөмүөннээһиҥҥэ 180 мөл. солк. көрүллүбүт. Бүгүҥҥү туругунан уопсай дьиэлэргэ тутуу-таҥыы үлэтигэр – 84 мөл. 700 тыһ., солк, спорт эбийиэктэригэр – 4 мөл. 600 тыһ. солк., ас-үөл пууннарыгар 7 мөл. 800 тыһ. солк. туттуллубут.
Итини сэргэ остолобуойдарга 16 мөл. солк. суумалаах тэрили эбии ылыахтара. Уопсай дьиэлэргэ анаан 6 мөл. 800 тыһ. солкуобайдаах бытовой тиэхиньикэни атыыласпыттар. Эһиил эбии тэрили ылыыга 34 мөл. солк. туһуланыахтаах. Аттынааҕы сирдэри тупсарыыга 33 мөл. солк. көрүллүөхтээх.
Аны саас устудьуоннар эрдэ үөрэнэн бүтүөхтэрэ: бэс ыйын 10 күнүгэр диэри үөрэнэр уонна олорор дьиэлэр бары босхолонуохтаахтар. Университет оройуонугар 4 436 ыалдьыты олохтуохтара: 3 036 – саҥа уопсай дьиэ 6, 7, 8-с куорпустарыгар, 1 200 – 17, 18, 20-с куорпустарга.
