“Информационнай инфраструктура” диэн федеральнай бырайыак чэрчитинэн, 2021 сыл түмүктэниэр диэри 2000 км ВОЛС линията тардыллыахтаах.

50 нэһилиэнньэлээх пуун 1121 социальнай суолталаах эбийиэгэ Интэриниэккэ холбонуохтара. Манна федеральнай бүддьүөттэн 1,48 млрд солк үп көрүллүөҕэ. Оттон бу сылга 318 социальнай эбийиэк Интэриниэккэ киирэр кыахтаныа.