Cааскы халааҥҥа эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннар ууттан босхолоннулар. Бу туһунан Саха сиринээҕи ЫБММ сүрүн управлениета иһитиннэрэр.

Өлүөнэ, Халыма, Дьааҥы, Индигиир уона Өлөөн өрүстэрэ төрдүлэригэр киирдилэр. Билигин Зырянка аэропордун балаһата эрэ ууга олорор. Манна бөртөлүөттэр эрэ сылдьаллар.