Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ федеральнай былаастар көмөлөһүөхтэрэ. Бу туһунан вице-премьер, Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрдэ.

“Федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыыга-майгыга, өрүү буоларын да курдук, үөһэттэн көмө баар буолуоҕа. Саха сиригэр халаантан эмсэҕэллэбиттэргэ көмөнү хайаан да оҥоруохпут”, - диэн Владивостокка буола турар медиасаммит кэмигэр Трутнев суруналыыстарга туһаайан эттэ.

“Өрөспүүбүлүкэ былаастара бүгүн хоромньу 800 мөл. солк. курдук буолла диэтилэр. Мин ЫБММ өрөспүүбүлүкэ былаастара этэр суумаларын тэҥнээн көрүҥ диэн сорудахтаатым. Ол кэннэ быһаарыы ылыллыаҕа”, - диэн эбэн эттэ.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр сааскы халаантан уонтан тахса нэһилиэнньэлээх пууннарга 1200 олорор дьиэ ууга былдьаммыта. Онно 4 тыһ. тахса киһи олорор, социальнай эбийиэктэр, суоллар алдьаммыттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай таһымнаах ЧС биллэриллибитэ. Айсен Николаев хоромньу 1 млрд солк. таҕыста диэн эппитэ.