Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр кэккэ улуустарга халлаан туруга мөлтүүрүн туһунан сылыктыыллар.

Ол курдук, муус устар 16 күнүгэр Ленскэй улууһугар сөк 19-24 м түргэннээх, Мииринэй, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Өлөөн улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Эдьигээн уонна Кэбээйи улуустарыгар тыал түргэнэ сөкүүндэҕэ 17-22 буолуо дииллэр. Маны таһынан, Ленскэй улууһугар уонна Мииринэй хоту өттүгэр инчэҕэй хаар, сорох сиринэн олус күүскэ түһэрэ күүтүллэр.