Дьокуускай оскуолаларыгар бастакы кылааска киирэргэ сайабылыанньаны ылыы муус устар 1 күнүттэн саҕаланар. Бу туһунан куорат үөрэҕин управлениета иһитиннэрэр.

Муус устар 1 күнүттэн оскуола аттыгар олорор, бэрэпиискэлээх дьиэ кэргэттэр уонна ити оскуолаҕа оҕо бииргэ төрөөбүтттэрэр үөрэнэр буоллахтарына биэрэллэр. Сайабылыанньаны ылыы бэс ыйын 30 күнүгэр дылы барыаҕа. От ыйын 6 күнүттэн атын түөлбэҕэ бэрэпиискэлээх төрөппүттэртэн баҕалаах оскуолаҕа аһаҕас миэстэ баар сиригэр эбии сайабылыанньаны ылыахтара (балаҕан ыйын 5 күнүттэн хойутаабакка). Сайабылыанньаны edu.e-yakutia.ru нөҥүө биэриэххэ сөп, сайабылыанньа биэрии бэрээдэгин куорат үөрэххэ управлениетын саайтыгар киирэн хачайдыаххытын сөп (yaguo.ru), эбэтэр edu.e-yakutia.ru порталга уонна mfcsakha.ru саайка. Сиһилии  34-35-17 төл. эрийэн билсиҥ.