Хоруона хамсыгын кэтээн көрөр анал саайт суруйарынан, Саха сиригэр хамсык саҕаланыаҕыттан 22 тыһ. киһи үтүөрбүт.

“Саха сиригэр ахсынньы 22 күнүнээҕи туругунан 22 097 киһи үтүөрбүт, ол эбэтэр биир нэдиэлэ иһигэр 90% киһи үтүөрбүт, бу көрдөрүү Уһук Илиҥҥэ – 85%, оттон Арассыыйаҕа – 80%”, - диэн суруллар. ААспыт нэдиэлэҕэ бу көрдөрүү 89% этэ. Уһук Илиҥҥэ саамай үчүгэй Магадан уобалаһа көрдөрүүлээх, онно 92% ыарыһах үтүөрбүт. Оттон саамай аҕыйах – Еврейскэй автономиялаах уобалас – 69%.