РФ Гидрометцентрын билимҥэ салайааччыта Роман Вильфанд ахсынньыга хайдах күн-дьыл буоларын билгэлээтэ.

Онно этиллэринэн, дойду үгүс эрэгийиэнигэр нуорманы таһынан сылаас буолар чинчилээх. “Ахсынньыга урукку дьылларга холооно суох ичигэс халлаан Красноярскай кыраайы уонна Саха сирин күүтэр” диэбиттэр. Бэрт эбит!