Арассыыйаҕа 43 мөл. биэнсийэлээх 10 тыһ. солк. ылыаҕа. Онуоха ПФР харчы хаһан, хайдах түһэрин номнуо быһааран олорор. Бу туһунан дойду үлэҕэ миниистирэ Ольга Баталина иһитиннэрбит.

"Ити биир кэмнээх төлөбүр биэнсийэни кытары холбуу тиэрдиллиэҕэ. Бүгүн үгүс биэнсийэлээххэ счеттарыгар ити харчы кэлэн түһүөҕэ. Дойду биэнсийэлээхтэрин үс гыммыт биирэ почтаттан ылар. Ол иһин, биэнсийэлэрин ылар болдьохторугар ылар сирдэриттэн ити 10 тыһ. солк. ылыахтара"- диэн Баталина бэлиэтээбит.

Санатар буоллахха, бу иннинэ Владимир Путин биэнсийэлээхтэргэ 10 тыһ. солк. көрүллэрин туһунан ыйаахха илиитан баттаабыта. Онуоха дойду хааһынатыттан 500 млрд солк. эрэйиллэр.