ТХМ иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 457 553 туонна от былааннаммытыттан 294 080 туонна оту бэлэмнээбиттэр. Ити былаантан 64%.

6865 туонна сиилэс бэлэмнэммит (былаан быһыытынан 26867 т. этэ, ол эбэтэр 26% туолбут). Сенаж — 1548 т. (14766 т., 10%). От үлэтигэр 28 723 киһилээх  8213 звено, ол иһигэр 1 780 механизированнай, 4 340 аҥаара механизированнай, 125 аттаах-илииннэн оттуур, 1 765 илииннэн оттооччу тахсыбыт. 

70 бырыһыантан ордугу маннык улуустар ылбыттар: Бүлүү (84%), Үөһээ Бүлүү (77%),  Кэбээйи (77%),  Амма (74%), Мэҥэ Хаҥалас (73%),  итиэннэ Арктика улуустара: Булуҥ (93%), Аллайыаха (87%), Абый (84%), Эдьигээн (83%), Эбээн Бытантай (82 %) уо.д.а.

Кураантан уонна тыа баһаардарыттан маннык улуустар мөлтөх көрдөрүүлээхтэр: Горнай - 59%,  Уус Алдан - 47%, Өймөкөөн - 43 %, Томпо - 25%, Чурапчы -  48%.