Лөҥө уола Анньыыһын диэн ойуун үөскээн ааспыта үһү. Киниэхэ бэрт хойукка диэри оҕо турбатах, төрүү-төрүү өлөн испит. Ол иһин бэйэтигэр бэйэтэ оҕо уйата тардан кыырбыта диэн кэпсииллэрэ.

Ол курдук, оҕо уйата тардан: “Оҕо турбат, оҕо сыппат ыала буоллум, көмүс уҥуохпун көтөҕүөх, алтан уҥуохпун араҥастыах ыччата суох хааларбар тиийдим, сир үрдүгэр төрөөммүн сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым, сурдум кэриэһэ, өтөҕүм төҥүргэһэ суох хаалыах муҥум буолуо дуо?” — диэн аҕыс-тоҕус аартыгы дабайан, тумул-тумул аайы тохтоон суламмыт. Онтон тохсус халлаан улаҕатыгар дойдулаах, хара маҥаас сылгылаах, суор төрдө Хара Суорун Тойоҥҥо үҥпүт-сүгүрүйбүт. Онуоха Хара Суорун уоллаах кыыс кутун иҥэрэн ыыппыта үһү. Ол кэнниттэн Анньыыһын ойуун уоллаах кыыс оҕоломмут. Уолун Нос диэн ааттаабыт. Ол Нос кэлин сүрэхтэнэн Өлөксөй диэн нууччалыы ааттаммыт.

Ити Анньыыһын үйэтигэр Бакааһым аҕатын ууһугар Кылгас диэн ааттаах ойуун үөскээн сылдьыбыт. Кылгас ойуун көстөр дьүһүнүнэн уҥуохтаах көнөтө, сирэйдээх үтүөтэ киһи үһү. Кинини соҕуруу Хочо улууһугар тиийэ ойууннуура дииллэрэ. Онно сылдьан ааттаах кэрэ дьүһүннээх Сэллик кыыһа диэн субалаах туртаҕара, дьүһүннээх үтүөтэ дьахтары кытта көрсүүлэспит. Онтон били Сэллик кыыһа оҕолонон хаалбыт. Кылгас ойуун төһө да дойдутугар оҕолооҕун, ойохтооҕун иһин, көрсүүтүн ордороро үһү. Онон мэлдьи Хочоҕо сылдьар эбит. Көрсүүтэ оҕоломмутун кэннэ, “оҕобун көмүскээ-араҥаччылаа” диэн Сэллик кыыһын дьиэтин сөбүргэнэтигэр былаайаҕын хаалларан барбыт.

Анньыыһын көстөр дьүһүнүнэн Кылгаска тиийбэт эбит. Ол да буоллар, аатырбыт ойуун буолан, Хочоҕо эмиэ ыҥырыкка сылдьан ыарыһахтарга кыырара үһү. Ол курдук, биирдэ Хочоҕо бара сылдьан, Кылгас ойуун көрсүүтүгэр таарыйбыт уонна көрсүүлэһиэх диэн хаайбыт. Ону дьахтар буолуммакка абааһытынан тыынан кэбиспит. Онтон сылтаан, Анньыыһын Кылгас ойууну абааһы көрбүт. Куһаҕан санаатыгар, ити көрсүүгэ оҥоһуллубут оҕону сиэн ситиһиэн санаабыт. Ол санаатын сыһыктанан, дьиэтигэр-уотугар кэлэн кыыран дарбыйар, сур бөрө буолан сундулуйан тиийэн, Сэллик кыыһын дьиэтин түннүгүнэн киирэн, сиргэ оонньуу сылдьар оҕону тутан кэбиһэр. Оҕо таарымталанан бэрт буолан хаалбыт. Били Кылгас ойуун сөбүргэнэҕэ кыбыппыт былаайаҕа мөхсөн талыгыраабыт да, кыайан оҕону өрүһүйбэтэх.

Ол кэмҥэ Кылгас ойуун дьиэтигэр утуйа сытан түүл түһээн, алдьархай буолан эрэрин сүрэҕинэн таайан, уһуктан кэлэр. Атын көлүнэр да, тута түүннэри Хочоҕо ыстаннарар. Улахан тиэтэлинэн айаннаан Сэллик кыыһын тэлгэһэтигэр киирэн атын сэргэҕэ баайа турдаҕына, дьиэ аанынан хаан-сиин буолбут бөрө сулбу ыстанан тахсан сундулуйа турбут. Кылгас ойуун: “Абаккам эбит, хойутаан кэллэхпиэн! Бэйикэй оттон, Анньыыһын ойуун, чыычаах оҕото буоллаҕыҥ дии, харсыһа оонньуурбут буолуо!” – дии хаалбыт. Ити кэнниттэн дьиэҕэ киирбитэ – оҕото өлөн хаалбыт. Сэллик кыыһа оҕотун аһыйан ытыы олорор эбит. Кылгас ойуун туох да кэпсэтиитэ суох кэлэн сөбүргэнэҕэ уурбут былаайаҕын сулбу таһыйан ылаат: “Көмүскээр диэбитим, тоҕо көмүскээбэтиҥ!” — диир да, оһоххо элитэр. Былаайах эргийэ-эргийэ кыырайан кэлэн уокка түһээт, төттөрү тэйэн, кэтэҕэриин түһэн кулахачыйа сыппыт. Сэллик кыыһа Анньыыһын ойуун туһунан сиһилии ыйыталаһан баран: “Кини да оҕото сүрэҕэ буоллаҕа дии. Эн да ойуун буолбаккын дуо, биир бастыҥ оҕотун сиэбэккин ээ”, — диир.

Кылгас ойуун дьиэтигэр кэлэн, оҥостон олорон, Анньыыһын Нос диэн уолун сиэри кыыран илгистэр. Төһө да муҥнаммытын иһин, киһи эрэ буоллар, кыайбат. Анньыыһын ойуун эмиэ онно-манна барарыгар дьиэтин сөбүргэнэтигэр, оҕолорбор көмүскэл буоллун диэн, былаайаҕын анньан хаалларар идэлээх эбит. Ол былаайах Кылгас ойуун абааһыта күөрт ыт буолан кубулунан киирэн уолу сии сатыырын киллэрбэт. Оттон уол оҕо таһырдьа сырыттаҕына кэлэн быһа хабаары гыннаҕына, оҕо кута чыычаах оҕото буолан көтөн хаалар эбит. Онон, Кылгас ойуун Ноһу кыайан сиэбэтэх. Хойут, Кылгас ойуун көрсүүтүгэр бара сылдьан уолу хайдах да муҥнана сатаабытын иһин кыайан сиэбэтэҕин кэпсээбитигэр, дьахтара оччоҕуна кыыһын сииригэр сүбэлээбит.

Оччолорго Анньыыһын кыыһа 18 саастааҕа үһү. Онон ийэтигэр көмөлөһөн хотоҥҥо ынах ыаһа сылдьыбыт. Кылгас ойуун абааһыта күөрт ыт буолан кубулунан кэлэн хотон түннүгүнэн ыстанан киирээт, кыыһы тутан кэбиспит. Кыыс хара быарынан ыалдьан бэрт буолан хаалбыт. Анньыыһын ити кэмҥэ чугас нэһилиэккэ ыҥырыкка сылдьыбыт, дьиэтигэр суох кэмэ эбит. Куһаҕаны сибикилээн атынан дьиэтигэр ыстаннаран кэлбитэ, дьиэтин аанынан хааннаах дьабадьылаах күөрт ыт сулбу ойон тахсан куотан хаалбыт. Анньыыһын кыыһа ити курдук өлбүтэ үһү.

Ити кэнниттэн икки ойуун үйэлээх саастарын тухары харсыспыттар да, бэйэ бэйэлэрин кыайан сиэспэтэхтэр. Арай, өлөллөрүн чугаһыгар, бэйэ бэйэлэрин кэнэҕэски ыччаттарыгар кэнтик кээһэн, кылыы баайсан, ол-бу тумул, буом сир аайы тиити төргүү мутугунан айа иитиспиттэрэ үһү.

Хойут Анньыыһын ойуун өлүөн аҕай иннинэ: “Айбыт аймахтарбытыттан биһиги ууска үс төгүллээн ааттаах ойуун төрөөн ааһар ыйаахтаах этибит. Ол гынан баран, биһиги аймахха аны ойуун үөскээбэтэр сөп этэ. Үөскээн да диэн, хайатын мэлдьи Кылгас ойуун хаалларбыт айатын-кылыытын тумна сылдьыай, хаһан эмэ эһэн иэдээҥҥэ түбэһиэ”, — диэбит.

Лөҥө аҕатын ууһун дьоно бу хойукка диэри ити Анньыыһын ойууну харыстаан аатын ааттаабат, көннөрү “оҕонньор” эрэ диэн ыҥырар этилэр. Оттон Нос Өлөксөй сиэннэрэ эмиэ “Суор төрдө Хара Суорунтан айыллыбыппыт” диэн суору бэйдиэ ааттаабат, үөхпэт, бултаспат этилэр. Өлбүтүн кэннэ Анньыыһын ойууну Балыга Суох диэн сиргэ баар дьахтар чардааттаах уҥуоҕун ыксатыгар көмпүттэр. Оттон Кылгас ойуун Баакаһын диэн сиргэ хараллыбыта үһү.