Бэҕэһээ, бэс ыйын 1 күнүгэр, вице-премьер Ольга Балабкина социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр хоруона хамсыгын тула нэһилиэнньэ долгутар боппуруостарыгар хоруйдаата.

Үгүстэр "быйыл ыһыахтар буолаллар дуо?" диэн ыйыттылар. Онуоха Ольга Балабкина "нэһилиэктэргэ ыһыахтары ыһар туһунан быһаарыыны муниципалитет миэстэтигэр эпидемиологическэй балаһыанньаттан көрөн ылыныаҕа" диэтэ.

Санатар буоллахха, быйыл Бэрдьигэстээххэ буолар Манчаары оонньууларыгар уонна Өлүөхүмэҕэ иккис сылын ыытылла сатыыр Олоҥхо ыһыаҕар быһыыны ылбыт эрэ дьону киллэриэхтэрэ. Быһыыны ылбатах, ол иһигэр быраас сүбэтинэн туруортарбатах дьон бырааһынньыктан маталлар.