Хамсыгынан сибээстээн, булгуччулаах ирдэбилинэн дистанционнай ньыманнан үлэлии олорбут 65 саастарын ааспыт аҕа саастаах дьону муус устартан үлэлэригэр таһаартыахтара. Бу туһунан “Российская газета” суруйар.

Маны таһынан, аҕа саастаах дьоҥҥо бүллүтүөнү биэрии уонна бүллүтүөҥҥэ олорбут харчыны биэрии быстах кэмнээх быраабылалара көтүрүллэллэр. Санатар буоллахха, хоруона хамсыгынан сибээстээх кырдьаҕас үлэһиттэр харантыыҥҥа олорбут кэмнэригэр бүллүтүөн төлөнөрө. Билигин Арассыыйаҕа 3 мөл. тахса саастаах дьон дьиэттэн олорон үлэлиир. Үлэни биэрээччилэр хамсык балаһыанньата хос кытааттаҕына, үлэһиттэрин эмиэ харантыыҥҥа хаайыаҕа. Маныаха хамсыктан харыстанар миэрэлэри толору тутуһуохтаахтар.