“Култуура” национальнай бырайыак иитинэн Нам, Уус Алдан улуустарыгар уонна Маҕан бөһүөлэгэр эбии 3 сабыс саҥа модельнай бибилэтиэкэ арылынна.

Ол курдук, бу сайын Нам Хомустааҕын, Уус Алдан Бэйдиҥэтин уонна Маҥаннааҕы “Библиополе” бибилэтиэкэлэрэ бөдүҥсүтүүгэ диэн 5-тии мөл. солк. ылбыттара. Ити харчынан бибилэтиэклэр миэбэллэрин саҥартылар, бибилэтиэкэ пуондтаын уонна дьиэтин өрөсмүөннээтилэр уонна ааҕааччыларга анаан аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн анал эйгэни олохтоотулар. Онуоха SMART-лаборатория киирдэ. Эһиил өрөспүүбүлүкэҕэ эбии маннык 4 модельнай библэтиэкэни киллэрэр былааннаахтар.