Былырыыҥҥыттан ыла урукку «Новай» сопхуос Сүлдьүкээрдээҕи отделениета «Саха ынаҕа» судаарыстыба-хааһына управлениетын самалык тэрилтэтинэн буолбута.

Онон, суол хаайа илигинэ, 2020 сыл муус устар ыйыгар балтараа сүүс саха боруодата ынах сүөһүтэ киин улуустартан Сүлдьүкээргэ аҕалыллыбыта.

IMG 20201129 WA0000

IMG 20201129 WA0003

IMG 20201129 WA0005

Урукку 300 торбос киирэр хотоно биллэ эргэрбитэ быһаарыллан, “Туймаада” агрохолдинг күүһүнэн саҥа хотон тутуллан барбыта. Хотон аан-даам тымныылар түһүөхтэрин иннинэ тутуллан бэлэм буолла.

Манна үлэлииргэ анаан туох баар усулобуйа, тупсарыы оҥоһулунна.

IMG 20201129 WA0008

IMG 20201129 WA0009

IMG 20201129 WA0014

IMG 20201129 WA0014 1

IMG 20201129 WA0018

Уопсайынан, Сүлдьүкээр саҥа тэрилтэҕэ баран, олохтоох 23 киһи үлэнэн хааччылбыттара кэрэхсэбиллээх.

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Сүлдьүкээр ватсаап-бөлөҕүн хаартыскаларыгар - саҥа хотон.