Ол туһунан бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, киэһэ 18  ч. социальнай ситимнэр устун быһа эпиир кэмигэр Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Ил Дархан эттэ: "Үлэлээбэт күннэри уһатыы буолбат. Хамсыгы утары быһыыны ылыы икки төгүл улаатта".

Сэтинньи 8 күнүттэн туох баар бары оскуолалар, оҕо уһуйааннара күнүскү үлэ эрэсиимигэр төннүөхтэрэ. Оттон ХИФУ үлэтэ - ыраахтан үөрэнии эрэсиимигэр хаалыаҕа.

Кэккэ тэрилтэлэргэ 72 чаастан кырата-уһуна суох ПЦР анаалыс көрдөрүүлээх, эбэтэр QR куодтаах эрэ киирэр көҥүллэниэҕэ.

Ковид балыыһаларыгар 24% куойка иллэҥин үрдүнэн, балаһыанньа сол да ыарахан, 163 киһи реанимацияҕа сытар, 43 дьон ИВЛ аппаратыгар холбоннулар.