Былыр билиҥҥи Маҥаас нэһилиэгин сиригэр баай киһи олорбут. Биир уоллаахтар эбит. Уоллара буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута, сааһын ситиитэ бэрт ыраах сиртэн эмиэ сис баай ыаллар кыыстарын кэргэн кэпсэтэн, сүгүннэрэн аҕалбыт.
 
 
   Эдэр дьон эйэ дэмнээхтик хас да сыл олорбуттар. Арай кыайан оҕоломмотохтор. Биир сайын кийииттэрэ титииккэ тарбыйах эмнэрэ тахсан баран киирбэтэх. Кэтэһэн көрбүттэр – суох. Хомнуо хойут “туох буолла?” диэн тахсан көрбүттэрэ, кийииттэрэ титиик өһүөтүгэр ынах быатынан ыйанан турар эбит. Аһыйыы бөҕөнү аһыйан, айманыы бөҕөнү айманан да хайыахтара баарай. Сайыҥҥы киһини өр гымматтар. Сарсыҥҥы күнүгэр кистээн кэбиһэллэр. Былыргы итэҕэлинэн куһаҕаннык өлбүт киһини умса көмөллөр, буоругар хара быарын туһунан тэтиҥ маһы төбөлөөн, батары анньаллар.
   Нөҥүө сылыгар эмиэ бэрт ыраах сиртэн саҥа кийиит сүгүннэрэн аҕалаллар. Сыл курдук уоллаах кыыс олус тапсан олороллор. Арай кыһыныгар биир күн кийиит кыыс тойонунуун дьиэҕэ иккиэйэҕин хаалбыттарыгар этэр: “Дьэ, тойонуом, бука диэн өһүргэнимэ. Алдьархайдаах суолу эйиэхэ кэпсээри гынным. Баҕар, сымыйанан холуннаран этэр диэҕиҥ. Онон кыыһырбакка, өһүргэммэккэ истэн олороргор көрдөһөбүн. Эһиги оҕоҕутунуун сылтан ордук олус үчүгэйдик иллээхтик-эйэлээхтик олордум. Онтубут баара, кэлиҥҥи кэмҥэ алдьархай ааҥнаата. Урукку кийииккит хас түүн ахсын түбүлээтэ, дьоллоох олохпутун огдолутта. Онтон бэттэх уолгут быһыыта-майгыта алдьанна, санаата уларыйда. Миигин кырыы хараҕынан көрөр буолла, түүнүн түктүйэлиир, күнүһүн күргүйдүүр. Онон, дьэ, тойонуом, миигин ийэлээх аҕабар илдьэн биэр. Букатын баран эрэр дии санаамаҥ. Мантан түөрт уонча көстөөх сиргэ улуу ойуун баар дииллэр. Онно баран ити күтүрү үтүрүйтэрэн көрүҥ, оччоҕуна мин кэлиэм”, – диир.
   Оҕонньор өһүргэнэ иһиттэр да, тугу да саҥарбат. Кийиитэ эппитин бэйэтэ илэ хараҕынан көрдөҕүнэ эрэ итэҕэйиэн санаталыыр. Киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн утуйарга тэринэллэр. Уоллаах кыыс хаппахчыларыгар киирэллэр. Оҕонньор оннун оҥостон, сыгынньахтанан сытар. Утуйбакка эрэ суорҕанын быыһынан көрөн туох буоларын кэтэһэ сытар. Арай ол сыттаҕына, түүн үөһэ бадахтаах, хатанан турар ааннара тэлэс гына аһыллан кэлэр. Били, икки сыллааҕыта өлбүт кийииттэрэ күлбүтүнэн-мичилийбитинэн киирэн, тута уоллаах кыыс сытар хаппахчыларыгар ааһар. Утаакы буолбат, илэ барбыт дэриэтинньик уонна уол күлсүүлэрэ-салсыылара сүрдэнэр. Сарсыарда тыҥ хатыыта дэриэтинньик тахсан барар.
   Ити түбэлтэ кэнниттэн оҕонньор кийиитин ийэлээх аҕатыгар илдьэн биэрэр уонна тута били кийиитэ кэпсээбит, аар-саарга аатырбыт ойууҥҥа барар. Онно тиийэн туох соруктаах кэлбитин кистээбэккэ барытын кэпсээн биэрэр, ааттаһар-көрдөһөр.
   Улуу кырдьаҕас өр соҕус сөҥөдүйэн, саҥата суох олорбохтоон баран этэр: “Чэ, бачча ыраах сиртэн ааттаан-суоллаан, ааттаһан-көрдөһөн кэлбит киһиэхэ аккаастыам дуо. Холонуом. Үс хонон баран тиийиэм. Манна сылдьыбыккын иэгэйэр икки атахтаахха этимэ, «кийиитим дьонугар сынньанан, өрөөн кэллим» диэр. Мин түүн үөһэ тиийиэм. Онно түннүккүн-үөлэскин бүөлээн, холумтаҥҥа чабычахха ууллубут арыыта хамыйахтаан уураар. Утуйумаар, кэтэһээр”, – диэбит. Сарсыарда эрдэ туран оҕонньор дьиэтигэр барар. Ханна сылдьыбытын кимиэхэ да кэпсээбэт, «кийиитим дьонугар сырыттым» диир. Били дэриэтинньиктэрэ түүн аайы кэлэн, көр бөҕөнү тардар эбит.
   Үһүс киэһэлэрэ буолар. Оҕонньор дьон бука бары сыппыттарын кэннэ түннүктэрин, сөҕүрүйэн эрэр оһоҕун үөлэһин бүөлээн кэбиһэр. Оһоҕун холумтаныгар чабычахха хамыйахтаах ууллубут арыыны уурар. Бэйэтэ сыгынньахтаммакка эрэ суорҕанын саба тардынан сытар. Түүн дэриэтинньик кыыс киирэн, эмиэ күлсүү-салсыы бөҕө буолар. Түүн үөһэ лаппа ааһыыта оҕонньор иһиттэҕинэ, ханна эрэ ыраах дүҥүр тыаһа “дор” гынар. Хаппахчы иһигэр ылы-чып бараллар. Утаакы буолбат, дүҥүр тыаһа өрө ньиргийэн кэлэн, дьиэни тас өттүттэн үс төгүл эргийэ көтөр. Онтон олуурдаах аан аһылла биэрэр. Оҕонньор оһох сөҕүрүйэн эрэр сырдыгар көрдөҕүнэ, дүҥүрдээх былаайах көтөн киирэн, холумтан иннигэр “дар” гына түһэр. Инньэ гынаатын кытта аар-саарга аатырбыт кырдьаҕаһа илэ бэйэтинэн субу барыс гынар. Үөлэс бүөтүн сулбу тардан ылаат, били, холумтаҥҥа турар чабычахтаах арыыттан мас хамыйаҕынан толору баһан ылан, күлүнэн бүрүллэн эрэр кыһыл уот үрдүгэр ыһар. Арыы умайан күлүм гынар. “Чэ, сытыаҥ дуо, тураҥҥын уотта отто оҕус. Бу арыыны тохтоло суох кут”, – диир. Дьиэлээх оҕонньор ойон туран арыыны хамыйаҕынан баһа-баһа уокка ыһар. Улуу кырдьаҕас аана аһыллан турар хотон иһин чарапчыланан көрөн олорор. Дьиэлээх оҕонньор көрдөҕүнэ, дэриэтинньик кийиитэ хотон ортоку баҕанатыгар бааллан турар эриэн бургунас диэки баран эрэр эбит. Улуу ойуун ону көрөөт, уһуутаабытынан хотон иһигэр киирэр. Тыас-уус сүрдэнэр. Дүҥүр тыаһа иһиллэр. Хотонтон тахсан баран дьиэлээх оҕонньорго туһаайан: “Сарсын түүн баччаҕа кэлиэм, атаҕым соболоҥун, көлөһүнүм атыытын бэлэмнээн уураарыҥ”, – диир. Дүҥүр тыаһа хоту диэки дьүрүһүйэн, сүттэр сүтэн, симэлийэн хаалар. Дьиэлээхтэр “һуу” гынан, дьэ, уоскуйаллар. Уоллара хаппахчытыттан тахсыбат.
   Нөҥүө түүнүгэр улуу оҕонньор киирэн кэлэр. Оҕонньору илиититтэн сиэтэн аҕалан, сыгынньахтаан, уҥа ороҥҥо эһэ тэллэххэ олордор. Баардарын-суохтарын барытын ууран туран күндүлүүллэр, аһаталлар-сиэтэллэр. Аһаан бүтэн баран улуу кырдьаҕас этэр: “Дьэ, сирэҕэс иэнин иҥиирэ кылгаһа бэрт эбит. Мантан үс күннүк сиргэ бадахтаах, тоҕус тумуллаах, үс үрэхтээх Эбэ ортоку тумулугар үс аарыма тиити үмүрү тардан иэнин иҥиирин иҥиирдээн баайан кэллим. Кэнэҕэһин кэнэҕэс, улахан уот турдаҕына, сөллөн барара буолуо. Чэ, куттанымаҥ. Ол эһиги үйэҕитигэр буолуо суоҕа”, – диир.
   Өрөөн-өһөөн баран улуу кырдьаҕас: “Маанылаабыккыт иһин махтанабын. Атаҕым соболоҥун, сүүһүм көлөһүнүн илдьэн биэрээриҥ. Кийииккитин аҕалан нус бааччы олорооруҥ”, – диэт, дьиэтигэр аттанар. Аҕыйах хоноот, дьиэлээх оҕонньор оҕус муҥутуур тардарынан эти, арыыны, түүлээҕи илдьэн биэрэр. Кэлэн иһэн таарыччы кийиитин көһөрөн аҕалар.
   Итинтэн бэттэх били дэриэтинньик биллибэт буолбут. Уоллара кэргэниниин бэркэ байан-тайан, оҕо бөҕөнү төрөтөн баран кырдьан өлбүттэр. Уһун үйэтигэр дьахтар кэргэнин биирдэ даҕаны “эн абааһы ойохтоох этиҥ” диэбэтэх. Уол аҕалаах ийэтэ да ол туһунан ахтыбатахтар. Оҕолоро дьоллоохтук олороруттан астынан анараа дойдуга аттаммыттара үһү.
* * *
   Бу манна кэпсэммит алдьархайдаах быһылаан кэнниттэн уонунан-сүүһүнэн сыл ааспыт. Ыраах тыаҕа тахсыбыт булчуттар түүн дьахтар кыланарын истэллэрэ эбитэ үһү. Кэлин улахан уот туран, ол сири барытын салаабыт. Ол кэнниттэн Өлөнүөктүүр суол ханнык эрэ сибиэбийэтигэр илэ дэриэтинньик буолбут дьахтар көстөр үһү диэн, оҕонньоттор кэпсэтэр буолаллара.
 
Урут суруллубуттан
хомуйан оҥордо
Диана КЛЕПАНДИНА.