Киир

Киир

Эгэлгэ

Олох-дьаһах

“Кыым”-нар Намҥа сырыыбыт түмүктэннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ эрэдээксийэ үлэһиттэрин Нам улууһугар 3 күннээх сырыыбыт бээтинсэ күн…
19.04.24 16:07
Айылҕа

Муус устар 19 күнүгэр халлаан туруга

Муус устар 19 күнүгэр, чөл күҥҥэ (бээтинсэҕэ), Саха сирин сорох улуустарыгар тыал…
19.04.24 08:34
Олох-дьаһах

Маалтааныга күөх төлөн киирдэ!

Хаҥалас улууһун Маалтааны ытык сирэ 2015 сылтан Дьөһөгөй Айыы маанылаах оҕолорун – сыспай…
18.04.24 16:39
Уопсастыба

Сайдыы төрдө – ааҕыы

Муус устар 23 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн кинигэ уонна ааптар быраабын күнэ бэлиэтэнээри…
18.04.24 16:26
Сонуннар

Дьокуускайга дьон сынньаныан сөптөөх сирдэрин быһаардылар

Дьокуускай куорат дьаһалтатын кулун тутар 27 күнүнээҕи 465р №-дээх дьаһалынан, Дьокуускай…
18.04.24 13:56
Үөрэх-билим

«I Speak English» оҕолорго сайыҥҥы оскуолатын арыйаары бэлэмнэнэр

«I Speak English» (салгыы – ISE) быйыл үлэлээбитэ номнуо 12 сыла буолар.
18.04.24 11:38
Экэниэмикэ

Алмааска үлэ кэскилэ

АЛРОСА-ҕа хайдах үлэҕэ киириэххэ уонна бэйэ аналын булуохха сөбүй?
18.04.24 11:00
Айылҕа

Хотугу өрүстэр халаанныыр кутталлаахтар

Өрөспүүбүлүкэ хотугу улуустарыгар халааҥҥа бэлэмнэнэн эрэллэр. Дьааҥы, Индигиир уонна…
18.04.24 09:12
Сонуннар

Дьокуускай “Строительнай” уораҕайыгар ИЖС дьаарбаҥкатыгар ыҥыраллар

2024 сыл муус устар 20-21 күннэригэр “Строительнай” атыы-эргиэн, быыстапка комплексыгар…
17.04.24 18:41

Фоторепортаж

Кыһыҥҥы Кэнкэмэ кэрэ миэстэтиттэн фоторепортаж
Бүлүүлүүр айан суолун 47 км (Дьокуускайтан) “Кэнкэмэ” диэн саҥа турбаза баар буолбут.…

07.02.23 11:27

Үөһээ Дьааҥы Боруулааҕыттан кэлэ сылдьар, В.А. Кондаков аатынан СӨ Норуот мэдиссиинэтин, итэҕэлин билим-чинчийэр тэрилтэ “Үрүҥ Аар Тойон” – Аар Айыы итэҕэлин 11-с таһымнаах алгысчыта, магистрана, эмчит Т.К. Прокопьева – бүгүҥҥү эрэдээксийэбит ыалдьыта.

 Tatyana1

– Татьяна Константиновна, дьэ, бэрт ыраахтан кэлэ сылдьар эбиккин. Туох сонун-нуомас баар? Этэҥҥэ олороҕут дуо? Хамсык ыарыы эһиги диэки хайдах быһыылааҕый?

– Куоракка соторутааҕыта, алтынньы ый ортотугар, кэлбитим. Дьааҥы улууһугар ыарыы син биир баар. Мин олорор нэһилиэкпэр этэҥҥэлэр.

– Бэйэҥ төрүт Дьааҥы буоллаҕыҥ?

– Үөһээ Дьааҥы улууһун Боруулаах үрэҕин Томтор нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Томтортон икки көстөөх сиргэ – Токума учаастагар олорбуппут. Аҕам төрөөбүт сирэ, дойдута. Аҕам Константин Васильевич Юмшанов түөннээн, хааннаан, илбийэн уонна киһи киинин имэрийэн киллэрэн эмтиирэ. Кэлин кинигэттэн ааҕан көрдөххө, аан дойдуга тыһыынчаттан биир эрэ киһи итинник эмтиир эбит. Урукку олоххо көҥүлэ суох буолан, кистээн эмтиирэ. Былыргы дьыллар мындааларыгар балайда эмчит киһи олорон ааспыта, кэнники биһиги үйэбитигэр эрэ билиннэҕэ. Аҕам абаҕата ичээн (илэ көрөр, сэрэйэр) киһи эбит. Ийэм Прасковья Кирилловна Чукрова Суордаахтан төрүттээх. Ийэм таайа ойуун эбитэ үһү. Онон төрөппүттэрим иккиэннэрин өттүлэриттэн айылгылаах дьоннор бааллар диэххэ сөп.

Боруулаах орто оскуолатын бүтэрэн, Намнааҕы педагогическай училищеҕа уруһуй учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Ол устудьуоннуу сылдьаммын ыал буолбутум. Икки кэрэ кыыс оҕоломмуппут.

– Төрөппүттэргэр хойукку, соҕотох оҕо эбиккин.

– Аҕалаах ийэм сааһыран баран, аҕам – 60 сааһыгар, ийэм 41 саастарыгар холбоспуттар. Онон дьоммор соҕотох оҕобун, наһаа маанытык иитиллибитим. Аҕам бастакы кэргэниниин 8 оҕоломмуттарыттан биир эрэ оҕо тыыннаах хаалбыт. Онтон кэргэнэ, оҕолорун да аһыйан буолуо, эдэрчи сааһыгар өлөөхтөөбүт. Дьонум мин улааппытым кэннэ 22 саастаахпар утуу-субуу өлбүттэрэ. Оччолорго сахалыы эмтээһин бобуулаах буолан, аҕам кистээн эмтиирэ. Миигин отой чугаһаппат этэ. Арай ийэбин эмтиирин өйдүүбүн. Баттаҕын төгүрүччү кырыйан баран, саха быһаҕын төбөтүн сытыылаан, хайа анньан баран, ынах дьэҥкир муоһунан обороро. Эмтээх оту хомуйан, балык тириитинэн оҥоһуллубут мөһөөччүктэргэ хаһаанара.  

Биир сайын үөлээннээхтэрин кытта оттуу ыраах көһөн барбыта. Онно миигин илдьэ барбыта. Дьэ, онно киэһэ аайы эмтиирэ: хаанныыра, түөннүүрэ, сүһүөхтэрин, систэрин илбийэрэ. Мин ону барытын утуйбута буола сытан, уоран көрөр этим. Аҕам идэтинэн булчут уонна маһынан, тимиринэн олус үчүгэйдик уһанара. Оттон ийэм сүрдээх иистэнньэҥэ, дьон түүттэн таҥас тиктэрэллэрэ. Аны асчыта, араас аһы астыыр буолара.

– Бастакы эмтээһиҥҥин чугас киһигин, сиэҥҥин эмтээһинтэн саҕалаабыккын.

– Кыра кыыһым оҕото ыарыһах оҕо төрөөбүтэ. Дьааҥыга олорон оҕобутун хаста да “былдьата” сыһан, ыксаан, кыыһым үрдүттэн эмтээх сиргэ диэн ааттаан Дьокуускай куоракка оҕотун илдьэ көһөн барбыта. Сиэним диагноһа “аллергическай астма” диэн этэ. Үгүс астан, ордук бурдук, үүт, эт астартан аллергиялыыра. Сиэним 6 сааһыгар сырыттаҕына, кыргыттарым куораттан “оҕобут куртаҕа, суон, синньигэс оһоҕосторо барыта баас (язва) буолбут” диэн биллэрдилэр. Мин иһиттим дуу, истибэтим дуу, дойдубуттан оҕолорбор Дьокуускай куоракка айаннаан кэллим. Оччолорго Киров уулуссаҕа баар дьиэ иккис этээһигэр олороллоро. Ол кэлэ сылдьан, биир хаһыакка В.А. Кондаков үөрэххэ ыҥыран биллэрии таһаарбытын түбэһэ аахтым. “Сахалыы норуот эмчиттэрин бэлэмниир үөрэх баар эбит дуу” диэн соһуйдум, үөрдүм. Ол кэмнэргэ кистээн бэйэбин бэйэм эмтэнэр уонна оҕолорбун, чугас дьоммун эмтиир этим. Биллэриини көрөн баран, кыһалҕалаах киһи оттон-мастан тардыһарын курдук, өрүһүллэр сирбин буллум диэн санааттан хараҕым сырдаата, эрэлим улаатта.

– Дьэ, ол гынан норуот мэдиссиинэтин киинигэр атаҕыҥ сирдээн илтэ дуу?

– Сарсыҥҥы күнүгэр ол аадырыһы булан тиийдим. Наадалаах хоһум аанын тоҥсуйа түһээт, киирэн кэлэбин. Арай, хара көстүүмнээх, баттаҕа кэннигэр чөмөхтүү баайыылаах, сырдык хааннаах, үрдүк уҥуохтаах тойон хаан киһи олорор эбит.

Дорооболоһоот, кыһалҕалаах киһи быһыытынан, наадабын кутан-симэн кэпсээн бардым. Саҥата суох болҕойон олорон иһиттэ. Онтон үөһэттэн аллара, аллараттан үөһэ көрөн таһаарда уонна соһуйан “дьик” гына түһүөхпэр диэри, уһаат иһигэр саҥаран эрэр курдук, лүҥкүнэс, сөҥ куолаһынан икки эрэ тылы “киирэн үөрэн!” диэтэ. Аан бастаан үөрэнэ кэлбиппэр А.И. Яковлева уонна Д.Д. Аммосова көрүстүлэр. Соммун устаат, ыраастаан киирэн бардылар. Урут эмтии сылдьыбыппын сэрэйдилэр уонна: “Оо, Татьяна, ыраастаммакка эмтиир эбиккин дии”, – диэн саҥа аллайдылар, сөхтүлэр.

Ол курдук, норуот эмчиттэрин 7 сыллаах үөрэҕин 10 сылынан үөрэнэн бүтэрбитим. Тоҕо диэтэххэ, сылга иккитэ кэлэн үөрэниэхтээх үөрэхпэр сорох сыл биирдэ эрэ кэлэр этим. Ол саҕаттан олох ыарахана, Дьааҥыттан Дьокуускайга диэри билиэт сыаната кэмиттэн кэмигэр үрдүүрэ. Үһүс куурус кэнниттэн сайын харчы суоҕуттан “үөрэхпин быраҕарым дуу” диэн быстах санааҕа ылларан сырыттахпына, ол сайын Учууталым үстэ хотой буолан кэлэ сылдьыбыта. Арай оттуу баран истэхпинэ, суол кытыытыгар талахха түһэн улахан да улахан хотой кынатынан сапсынар, таналайа кытта чаҥыргыыр. Мин куттанан, куотар аакка бардым. Аны иккис сырыыга арыый тэйиччи түстэ, ол тухары мин өйбөр туох да киирбэт. Онтон үһүс сырыыга, от харбыы сырыттахпына, төбөм оройугар хотой көтөн кэллэ. Дьэ, онно биирдэ өйдөөтүм, ким сылдьарын уонна “үөрэхпин бырахпаппын, дьону эмтиэм” диэн элэ-была тылбын биэрдим. Ол кэннэ үс төгүл төбөм оройунан эргийэн баран көтө турда. Инньэ гынан үөрэхпин бырахтарбатаҕа.    

Кэргэним Иван Афанасьевич, уһун киэҥ өйдөөх-санаалаах буолан, үөрэнэрбин мэлдьи өйүүрэ, көмөлөһөрө. Сүөһүлэрбитин идэһэлээн, ону атыылаан, үөрэттэрэ ыытара. Онон идэлээх эмчит буолбуппар кэргэммэр махталым муҥура суох.

– Дьэ, ол сылдьан сиэҥҥин бэйэҥ эмтээн бардыҥ?

– Кондаков үөрэҕэр киирээт, бэрт дьиктитик сиэммин эмтээн киирэн барбытым. Эмтээбитим 17-с хонугар 6 саастаах сиэним биэс тарбаҕын саратан баран: “Эбээ, иһим барыта кыһыйар. Тарбанабын дуо?” – диэн ыйытар. Мин ону үөрэ иһиттим “баас үтүөрээри гыннаҕына кыһыйар, үтүөрээри гыммыта дуу” дии санаатым. Ол эмтэммитин кэнниттэн, бырааска баран көрдөрүммүттэрин “бааһа барыта үтүөрбүт, баас чэрэ да хаалбатах” диэн сүрдээҕин соһуйбуттар этэ. Бу кэлин санаатахпына, учууталым барахсан, эрдэттэн сэрэйэн, бэлэмнээн, арыйан сиэммин бэйэбинэн эмтэттэрбит эбит.

– Ол эмтээбит сиэниҥ билигин улааттаҕа?

– Билигин 28 саастаах. Онтон ыла аллергия диэни билбэт. Билигин аһы барытын аһыыр. Уопсайынан, аллергическай астма диэн психологическай ыарыы. Хаһан эмэ туохтан эрэ хомойдоҕуна, истириэс, дэпириэссийэ ыллаҕына, бэргээн кэлиэн сөп ыарыы.

Tatyana2

– Сорохтор этэллэринэн, норуот ньыматынан эмтээһин чугас дьоҥҥор тиийимтиэтэ суох буолар дии. Маны туох дии саныыгыный?

– Тус бэйэм оҕолорбун, чугас дьоммун мэлдьи эмтиибин. Кыыһым оҕото 2 ыйыгар этэ барыта хап-хара диатез бааһа буолбута. Ону икки нэдиэлэ эмтээбитим кэннэ бааһа олоччу сүппүтэ. Манна куоракка учаастактааҕы бырааһа оҕо бааһа сүппүтүн көрөн, кыыспын “гормональнай мааһынан эмтээбиккин” диэн мөхпүт этэ. Дьиҥэр, оннук буолбатах буоллаҕа.

Аны 2002 сыллаахха улахан кыыһым 6 саастаах уола “компрессионный перелом” буолан, балыыһаҕа киирбитэ. Эпэрээссийэ оҥоһуллуохтааҕын бэйэм эмтээн-томтоон, дьолго, эпэрээссийэлээбэтэхтэрэ. Билигин бу сиэним 23 саастаах. Маннык эмтиир түгэн бэйэм дьиэ кэргэммэр, чугас дьоммор элбэх.

– Уҥуоҕу тутар буоллаххына, сколиоһу эмтиир буоллаҕыҥ. Төһө өр эмтиигиний?

– Эмтиибин. Ыарыыта төһө ыараханыттан тутулуктаах. 3-21 сеанс буолуон сөп.

– Билигин, сүрүннээн, ханнык ыарыылары эмтиигиний?

– Сис тоноҕоһун кытта сибээстээх ыарыылары – уҥуох, ис уорган ыарыылара, күөмэй ыарыытын, гаймориты, кыра оҕолор диатезтарын. Маны тэҥэ уҥуох тутабын, сүллэрдиибин.

– Хайдах эмтиигин? Туох туомун тутуһаҕыный?

– Бастатан туран, этиҥ түспүт маһынан уот оттон, аал уоттан көрдөһөбүн. Арыынан айах тутан, сиэлинэн сыт таһааран эмтиир дьонум туһаналларын курдук, көрдөһөн-ааттаһан, эмтииргэ бэлэмнэнэбин. Үөһээттэн Аар Айыылар хайдах эмтииргэ сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөллөр. Ыарыһахпын туругун көрөн олорон диагнозтыыбын уонна турукка киллэрэн эмтээбитинэн барабын. Ардыгар хайдах-туох ыарыылаах киһи кэлэрин эрдэттэн эппинэн-хааммынан сэрэйэбин эбэтэр түһүүбүн.

– Эмтээбит биир эмэ түгэҥҥин кэпсиэҥ дуу?

– Биир дойдулааҕым, орто саастаах эр киһи эмтэммитэ. 3 сылы быһа хаанын баттааһына үрдүгүттэн сүрдээҕин эрэйдэнэрэ. Сиһин тоноҕоһун көрбүтүм, арай сүнньүттэн тоноҕоһо эрийэ баран, ойоҕоһун диэки улахан баҕайытык туора барбыт. Онтум, наһаа улахан сколиозтаах эбит. “Кыайыа суохпун” диэн аккаастанным. Киһим умса туттан саҥата суох олордо, онтон: “Атыттары эмтиигин, миигин тоҕо эмтээбэккин?” – диир. Арай, ол бириэмэҕэ Үөһээттэн “эмтээ” диэн саҥа иһилиннэ. Төһө бириэмэ ааспытын билбэппин, биирдэ өйдөнөн кэлбитим, ыксаан аҕай киһим тоноҕоһун имэрийэ олорор эбиппин. Өйдөөн көрбүтүм, киһим атаҕын таҥаһын устан умса сыппыт, мин олоппос аҕалан аттыгар олорбут эбиппин. Инньэ гынан төһө өр олорон эмтээбиппин өйдөөбөппүн. Ити курдук 7 күн эмтээбитим кэннэ, киһим тоноҕоһо миэстэтин булан, кэлин хаанын баттааһына тахсыбат буолбута. Онон Үөһээ Аар Айыылар эмтииллэр диэн сөпкө этэллэр, биһиги “проводник” эрэ буоларбыт бу да түгэнтэн биллэр.

– Оччотугар сис тоноҕоһун ыарыыларын кыайар эбиккин дии?

– Мин сис тоноҕоһугар үлэлиирбин ордоробун. Тоноҕоһу кытта ис уорган барыта биир сибээстээх. Саха эмчиттэрэ “уникальнайдара” диэн, иҥиири-силгэни үлэлэтэн, быччыҥнары тилиннэрэн тоноҕоһу көннөрөллөр. Маннык эмтээһин, бэйэтэ эпэрээссийэҕэ тэҥнээх буолар. Дьон эмтэнэн туһаннаҕына, доруобуйата көннөҕүнэ, төһө да сылайдаргын, ол сылааҕын умнан, саҥа күн үүннэҕинэ, эмиэ үөрэ-көтө эмтээбитинэн бараҕын.

Саха эмчиттэрэ “уникальнайдара” диэн, иҥиири-силгэни үлэлэтэн, быччыҥнары тилиннэрэн тоноҕоһу көннөрөллөр. Маннык эмтээһин бэйэтэ эпэрээссийэҕэ тэҥнээх буолар.

Кинини көрөөт, эмискэ түүлбүн санаан кэллим. Бу түүлү 1982 сыллаахха дойдубар сугуннуу сылдьан, былыргы өтөххө, балаҕаҥҥа утуйа сытан түһээбитим. Онно түһээтэхпинэ, төгүрүк остуолга чумэчи турар. Эмискэ аан аһылла түһээтин, сырдык уһун сонноох, улахан уҥуохтаах киһи (оруобуна бу билигин иннибэр көрөр киһим курдук) киирэн кэлэн, суорҕаммын тардан ылар. Ол түүлбүн кыл түгэнигэр санаан ыллым уонна хайдах эрэ салла санаатым.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Истиҥ эҕэрдэ

  • Үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ!

    Уйулҕаһыт, норуот эмчитэ, “Сандаар” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта, Дьокуускай куорат олохтооҕо, биһиги эрэдээксийэбит чугас киһитэ, ытыктабыллаах Юлия Юрьевна НИКОЛАЕВА бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр, 65 сааһын томточчу туолла. "Кыым" хаһыат аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
  • Үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ!

    СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата, “Ил Түмэн” бэчээт кыһатын генеральнай дириэктэрэ - сүрүн эрэдээктэрэ Мария Николаевна Христофорова үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтиир.
  • 70 сааскынан истиҥ эҕэрдэ!

    Күндү кэллиэгэбитин, ытыктыыр доҕорбутун Владимир Николаевич Федоровы 70 сааскын томточчу туолбуккунан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
    Эҕэрдэни кытары "Ситим" медиа бөлөх, "Кыым", "Күрүлгэн эрэдээксийэлэрэ"
  • Истиҥ эҕэрдэбитин этэбит

    Ытыктыыр киһибитин Анатолий Никитич Осиповы 80 сааскынан сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран эҕэрдэлиибит!
    Эҕэрдэни кытары кытары оҕолоруҥ, кийииттэриҥ, күтүөтүҥ, сиэннэриҥ, хос сиэниҥ, аймахтарыҥ, чугас дьонуҥ!

Умнуллубат мөссүөн

  • Күндү киһибит туһунан сырдык өйдөбүл умнуллуо суоҕа...

    2024 сыл олунньу 2 күнүгэр кэргэним, оҕолорум ийэтэ Коротова Матрена Михайловна соһуччу бу олохтон барда...
  • Артурбут куруук сүрэхпитигэр баар...

    Күҥҥэ тэҥниир күндү киһибит, көмүс чыычаахпыт, улахан уолбут, убайбыт, бырааппыт Александров Артур Арианович бу Орто дойдуттан барбыта 40 хонуга тохсунньу 31 күнүгэр туолла.
  • Тумус туттар күндү киһибит...

    Биһиги дьиэ кэргэн күндү киһибит, тапталлаах оҕом, кэргэним, аҕабыт, эһэбит, тумус туттар, дурда-хахха буолар убайдаатар убайбыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтин бэтэрээнэ Отов Геннадий Егорович ыарахан ыарыыттан күн сириттэн букатыннаахтык барбыта бу дьыл тохсунньу 18 күнүгэр 40 хонугун туолла.
  • Кинини санаатахпытына, сүрэхпит сылааһынан туолар

    Биһиги аҕабыт, Василий Хрисанфович Кашкин, тыыннааҕа эбитэ буоллар, бу дьыл сэтинньи 11 күнүгэр 71 сааһын туолуох этэ. Ону баара кини бу күн сиригэр баара-суоҕа үйэ аҥаара эрэ олорон ааспыта...