“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суол” диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн, “Кэбээйи”, “Абалаах” уонна “Алдан” суолларыгар өрөмүөн үлэтэ саҕаланар. Бу туһунан СӨ тыраанспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Быйыл Горнай уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар 31,71 км массыына суола тутуллуо. 95 км Бэс-Күөл учаастагар, 22,42 км “Кэбээйи” суолугар   буор быһытын оҥоруу үлэтэ түмүктэнэн эрэр.

Сыл бүтүөр диэри 9,29 км “Абалаах” суола оҥоһуллара былааннанар. Түгүөнэ үрэҕи туоруур күргэ уонна 20,1 км “Кэбээйи”, “Алдан” суоллара 2020 сылга диэри үлэҕэ киириэхтэрэ.

““Кэбээйи” суол оҥоһуллара улуус олохтоохторугар улахан суолталаах. Бу суолунан төгүрүк сыл  киин улуустары кытта ситим олохтонор уонна “Бүлүү” федеральнай суолга тахсар”, — диэн министиэристибэ иһитиннэрэр.