Дьокуускай аннынан муус барда Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Уу таһыма 496 см буолла. Муус үөһэ кирбиитэ Хаҥалас улууһун Иһит бөһүөлэгин аннынан баар. Онно у... | Уу суола суолтатын сүтэрбэт |
Тохсунньу отутус күнүттэн күн бүгүҥҥэ диэри Булуҥ улууһугар улахан буурҕа түһэ турар. Тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 28 миэтэрэҕэ тиийэр буолан, бу күннэргэ Тиксиигэ оҕо саадын үлэтэ, үөрэх тохтотуллубут. Бүгүн Булуҥ улууһун баһылыга Константин Шахурдин иһитиннэрбитинэн, буурҕа түстэҕинэ быһаарыыны ылынар анал хамыыһыйа дьаһалынан, Тикси бөһүөлэгэр оскуола оҕолоругар үөрэх тохтообут, ону тэҥэ дьахтар аймах үлэттэн эмиэ босхоломмут. Баһылык иһитиннэрбитинэн, бөһүөлэккэ сылытар ситим этэҥҥэ үлэлии турар. Атын нэһилиэктэргэ үлэ-хамнас тохтооботох. Бэлиэтээн эттэххэ, олохтоохтор этэллэринэн, бу диэки буурҕа үс күнүнэн тохтооботоҕуна, өссө үс күн салҕанар эбит.
