Арассыыйа үрдүнэн саамай алдьаммыт-кээһэммит, самнан түһэн эрэр мас дьиэлэрдээх эрэгийиэнинэн, биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ сылдьара буолуо диэн саарбахтаабаппыт. Дойду бэрэсидьиэнэ 2019 сыллаахха киллэрбит ыйааҕынан, дойду үрдүнэн национальнай бырайыак олоххо киирбитэ. Дьэ, бу нацбырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэбит куораттарыгар, улуустарыгар 2025 сылга диэри 1 мөл. кв иэннээх дьиэттэн көһөрүү барыахтаах. Маныаха 2012-2017 сс. “аварийнай” туруктааҕынан бигэргэммит олорор дьиэ барыта киирэр. Инньэ гынан, уруккута самнархай туруктаах дьиэлэргэ олорбут дьон, 2019 сылтан ыла сылын аайы, саҥа таас дьиэлэргэ көһө тураллар. Бу бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куоракка “Звездный” диэн саҥа түөлбэ баар буолара былааннанар.

Звездный квартал 

Улуустарга

Урукку сылларга хас эмэ сылга бэрт ахсааннаах самнархай дьиэлэри көтүрэр эбит буоллахтарына, 2019 сылтан ыла өрөспүүбүлүкэбит бары куораттарыгар, улуустарыгар эргэ дьиэлэри олоччу көтүртэлээн эрэллэр. Бу дьиэҕэ олорбут дьон бука бары үөрэ-көтө саҥа кыбартыыларга, дьиэлэргэ көһөллөр. Ити сылтан ыла өрөспүүбүлүкэбит үгүс улууһугар хара баһаам дьиэ тутуллан, дьон хайыы үйэ олохсуйан, саҥа сылаас, сырдык кыбартыыра диэн тугун билэн сылдьаллар.

Ол курдук, Нерюнгри оройуонугар уонна куоракка бэйэтигэр уопсайа 26 саҥа элбэх этээстээх дьиэ тутуллара былааннанар. 2024 сылга диэри 16 хастыы эмэ этээстээх дьиэ тутуллуохтаах. Быйыл 331 киһи самнархай дьиэлэрин хаалларан саҥа дьиэлэргэ көһүөхтэрэ. Серебряный Бор, Чульман, Беркакит, Иенгра, Улахан Хатыми диэн бөһүөлэктэргэ эмиэ саҥа дьиэлэр тутуллаллар.

Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр эмиэ бу бырайыак чэрчитинэн 700 киһи саҥа дьиэҕэ киириэхтээх. Ол курдук, сэттэ үстүү этээстээх таас дьиэ тутулла турар. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэбит хас даҕаны улууһугар бу бырайыак чэрчитинэн хастыы эмэ этээстээх таас дьон олорор дьиэлэрэ тутулла тураллар. Сорох улуустарга хайыы үйэ үлэҕэ киирэн, олохтоохтор малааһыннаан ырааппыттар. Дьону эргэ дьиэлэртэн көһөрүү сыллата тиһигин быспакка бара турар.

Микрорайон полностью

Дьокуускайга

Оттон Дьокуускай куоракка “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” хайысханан – кэлэр сылга 2,5 тыһыынча киһи саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх. Өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэр бу бырагыраама чэрчитинэн тоҕус элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэр тутуллаллар. Байыаннай чаас сиригэр сэттэ дьиэ тутуллар. Бу дьиэлэр тутуулара хайыы үйэ саҕаламмыт. Биир элбэх этээстээх дьиэ 47 кыбартаалга уонна өссө биир дьиэ быйыл үлэҕэ киирбит. Сайсары түөлбэтигэр өссө биир дьиэ тутуллан бүтэн, сотору кэминэн 127 ыал саҥа кыбартыыраларга көһөн киириэхтээхтэр. Бу сылга (2022 с.) уопсайа 3 тыһыынча киһи дьиэлэниэхтээх.

Дома

 Саҥа түөлбэ

Дьокуускай куораппыт тула өттүнэн чааһынай дьиэлэринэн, даачаларынан “бүөлэнэн” турар. Онон, куоракка улахан түөлбэлэри тутан кэбиһэр дэбигис кыалла охсубат. Инньэ гынан, тутуу тэрилтэлэрэ куорат быыһыгар онон-манан кымаах саҕа куһуок сири ылан биирдиилээн дьиэлэри тутарга күһэллэллэр. Арай Прометей түөлбэҕэ үрдүк этээстээх дьиэлэрдээх биир эмиэ саҥа кыбартаал үөскээбитэ. Билигин онно өрөспүүбүлүкэҕэ суох улахан оскуола тутулла турар.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн куораппытыгар “Звездный” диэн ааттаах өссө биир саҥа түөлбэ баар буолара былааннанар. Бу Автодорожнай уокурукка турар урукку байыаннай чаас сирэ. Бу 68,5 гектар сир, уопсайынан, уулаах, бадарааннаах, инчэҕэй миэстэ буолан, бу иннинэ тыытыллыбакка турбута. Бу сиртэн уута – 7,9 гаа, ол аата – 11%. Уон уулаах сир баарыттан биирэ эрэ – дьиҥ күөл, уоннааҕылара кэлин үөскээбит күөллүҥү уулар.

Былаан быһыытынан 66 олорор дьиэ тутуллуохтаах, олорго уопсайа 11 тыһыынча киһи олохсуйуохтаах. Былырыын бастакы дьиэ сыбаайата үөрүүлээх быһыыга-майгыга түһэриллэн, билигин тутуу бара турар. Быйыл манна 25,5 тыһыынча кв.м. иэннээх 7 бастакы дьиэ тутуллуохтаах. Онно 681 кыбартыыра баар буолар. Бу дьоҕус түөлбэ олохтоохторугар анаан ханна да суох тупсаҕай көрүҥнээх, бары өттүнэн эппиэттэһэр социальнай эбийиэктэр (990 үөрэнээччилэри хабар икки оскуола, 315 миэстэлэрдээх икки дьыссаат, поликлиника, успуорт эбийиэктэрэ) тутуллуохтара. Элбэх дьиэ тутуллар түөлбэтигэр, биллэн турар, оҕолор оонньуулларыгар, эрчиллэллэригэр аналлаах былаһааккалар баар буолаллара сэрэйиллэр. Түөлбэҕэ тутуллуохтаах искибиэр, бульвар, аллея, дьиэлэргэ киирэр суол-иис, бэлисипиэт суола, тротуардар, тохтобуллар барыта бырайыакка киирэ сылдьаллар. Бу саҥа түөлбэ ааптардара аныгы тииптээх улахан куораттары бырайыактыырга уопуттаах “ГринДизайн” диэн Сербия архитектордара буолбуттар.

Набережная

Сонун тутуу, ураты көстүү

Түөлбэҕэ массыына киириитэ-тахсыыта чыҥха атын буолар. Быһатын эттэххэ, Дьобуруопалыы истииллээх. Ол аата, биһиги үөрэнэн хаалбыппытынан, хас дьиэ иннигэр олохтоохтор массыыналара анньыллан турбат(!). Дьиэ иннэ уһаайба курдук буолар. Оҕо таһырдьа сүүрэн тахсарыгар куттала суох буоллун диэн. Массыыналар тохтуулларыгар туһунан миэстэ көрүллэр, хастыы эмэ этээстээх анал ичигэс парковкалар. Суһал көмө эбэтэр атын массыына дьиэҕэ чугаһыырыгар анал суол баар буолар. Ол гынан баран, ол суолга биир даҕаны массыына “хонон-өрөөн” турара көҥүллэммэт. Дьиэҕэ киирэргэ үрдүк кирилиэс, үктэл эҥин диэн суох буолар. Сиртэн тута киирэллэр. Хата, кэлээскэлээх ийэлэргэ табыгастаах буолсу.

Саҥа түөлбэҕэ, кэнники тутуулар курдук, 15-17 этээстээх үрдүк дьиэлэр тутуллубаттар. Манна икки, үс этээстээхтэртэн саҕалаан, саамай үрдүгэ 8 этээстээх дьиэлэр буолуохтара. Быһата, элбэх киириилээх-тахсыылаах, киһилээх-сүөһүлээх, кыараҕас суоллаах-иистээх кымырдаҕас уйатын санатыа суохтаахтар. Киэҥ-куоҥ, сырдык, салгыннаах, оҕо да, киһи да сылдьарыгар кутталы, мэһэйи үөскэппэт сонун тутуу буолуохтаах.

 Түмүк оннугар

2019-2025 сс. дойду үрдүнэн дьон олоҕун тупсарар анал бырайыак үлэлээн, хата, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бары улууһу барытын хабан туран, олорор дьиэ-уот, социальнай эбийиэк бөҕө тутулла турар. Урут биһиги эрэгийиэн саамай хаалыылаах олохтоох, бытаан тутуулаах эбит буоллахпытына, кэнники сылларга инники чорбойон таҕыстыбыт. Төһө даҕаны тымныы тыйыс усулуобуйаҕа олордорбут, кэм аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир дьиэлэри-уоттары туттан, өрөспүүбүлүкэбит биллэрдик сайдан, дьон олоҕо-дьаһаҕа тупсан эрэр диэтэхпинэ омун буолбат. Сотору өрүһү туоруур муостабыт тутулуннаҕына, суолбут-ииспит аспаалынан бүрүлүннэҕинэ, хас улуус, куорат аайы таас дьиэлэр дьэндэйдэхтэринэ, бука, атын эрэгийиэннэри куоһарар буолуохтаахпыт.

Балаһаны бэлэмнээтэ Туйаара СИККИЭР.