Саха сирин оройуоннарыгар, 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго тус сыаллаах оҕо хапытаала олохтонно. Чурапчы улууһугар, маҥнайгы оҕолорун төрөппүт эбэтэр иитэ ылбыт дьахталларга федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи төлөбүр таһынан, 50 тыһ. солкуобай сууммалаах сэртипикээт бэриллэр буолуоҕа.

Сунтаар улууһун Бүлүүчээн нэһилиэгэр 3 тыһ. солкуобай сууммалаах тус хапытаалы олохтоотулар. Бу харчыны 2022 сыллаахха төрөөбүт оҕолор уонна эдэр ыаллар ылыахтара.

Бүлүү улууһун Күүлэт нэһилиэгэр бу сылга төрөөбүт оҕолорго 10 тыһ. солкуобай көрүллэр буолла.

Ньурба оройуонугар, төрдүс эбэтэр онтон үөһэ элбэх оҕону төрөппүт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үйэ оҕолоро» диэн туоһу суругу кытта, «Ньурба дьиэ кэргэнэ» диэн 100 тыһ. солкуобай сууммалаах хапытаалы анаан олохтоотулар

2022 сыл Өлүөхүмэ оройуонугар Эдэр ыал сылынан биллэриллибитэ. Бу чэрчитинэн, олохтоох бүддьүөттэн «Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааманан, дьиэни-уоту тупсарыыга эмиэ балачча суумма көрүллүбүт.