Япония Киото медицинскэй университетын учуонайдарын Biorxiv порталга бэчээттэммит чинчийиилэринэн, “омикрон” түспүт, сыстыбыт сиригэр өр кэм устата өлбөт буолбута биллибит. Ол иһин сыстыгана улааппыт, тарҕаныыта түргэтээбит.
Учуонайдар чинчийбиттэригэр “омикрон” пластикка уонна киһи тириитигэр коронавирус урукку көрүҥнэринээҕэр өр тыыннаах сытар эбит. Бастакы коронавирус пластикка 56, “Дельта” 114 чаас тыыннаах хаалар буоллаҕына, “омикрон” олоҕо 193,5 чааска тиийэ уһаабыт.
Киһи тириитигэр бастакы вирус 8,6 чааһынан өлөр буоллаҕына, “омикрон” 21,1 чаас тыыннаах, дьоҥҥо сыстар кыаҕын сүтэрбэккэ сытар.
“Омикрону” Ботсванаҕа уонна ЮАР-га 2021 сыл сэтинньитигэр булбуттара. Вирус бу штамма элбэхтик мутациялаан сыстыганын ааһан, антителаларга бэриммэт буолбут диэн быһаарбыттара. Ол иһин быһыы ылбыттар, урут хоруоналаабыттар иккиһин эмиэ ыалдьаллар эбит. Бэрт кылгас кэмҥэ аан дойдуну саба сүүрдэ.
Саха сиригэр “омикрон” кирииби кытта тэҥҥэ туран, ыалдьыы элбэх быһыылаах. Арассыыйаҕа 5 миэстэҕэ тиийэ таҕыстыбыт. Билиҥҥитэ ыарыы ыарахан содула суох эмтэнэр курдук.
Онон, “омикронтан” сэрэнэргэ маасканы умнумаҥ. Киһи илиитинэн таарыйара элбэх, ол иһин илиигитин сотору-сотору сууна сылдьаргытын, эбэтэр антисептигынан сотторгутун умнумаҥ. Дьиэттэн таҕыстахха эрэһиинэ бэрчээккилээх сылдьар ордук.
Сэҥээриилэр
while you are taking dicyclomine. You should be warned not to exceed recommended dosages and to avoid.
Here is my web-site; bentyl gel uptodate: https://club.skupfanpage.pl/
which is good for my experience. thanks admin
Here is my web blog: Hair
care: https://consuelovita.it
cheap diabetes medication online
Want to save some cash on diabetes meds? Check out these online
pharmacies with free delivery Buy that sweet, sweet diabetes medication online without any of those
annoying scripts
My blog ... Order diabetes drugs online without a prescription and
save money. Money talks people!: https://business-team.us/listings/house/get-some-metformin-online-without-a-prescription-needed-it-s-easy-peasy.html