Биллэрин курдук, сэрэхтээх суоппардар булгуччулаах страховканы чэпчэтиилээх төлүүллэр. ОСАГО дуогабарын түһэрсиигэ уон сыл устата саахалы таһаарбакка айаннаабыт суоппардар улахан чэпчэтиини ылаллар (54% тэҥнэһэр). Онно олоҕуран, Арассыыйатааҕы автостраховщиктар сойуустара (РСА) саахала суох айаҥҥа бастыҥ субъектар эриэйтиннэрин таһаарда.

 Бастыҥнар:

1. Москуба (45%)
2. Подмосковье (41%)
3. Санкт-Петербург (41%)
4. Ленинградскай уобалас (39%)
5. Новосибирскай уобалас (37%)
6. Красноярскай кыраай (35%)
7. Кемеровскай уобалас (34%)
8. Рязанскай уобалас (34%)
9. Томскай уобалас (34%)
10. Калининградскай уобалас (33%)
 

Сэрэхтээх суоппардарынан тутайбыт регионнарынан буолаллар: - Чечня (2,6%), Дагестан (3,6%), Ингушетия (4,9%), Тыва (5,3%), Кабардино-Балкария (11,2%), Хотугу Осетия  - Алания (11,2%), Забайкальскай кыраай (12%), Магадан уобалаһа (12%), Саха сирэ (12%), Бүрээтийэ (12%) уонна Дьэбириэй автономиялаах уобалаһа (15%).

Ол эбэтэр, РСА дириэктэрэ Евгений Уфимцев эппитин курдук, бу регионнарга суоппардары бэлэмнээһин мөлтөх, быраабы ылыыга махинация элбэх эбэтэр суол туругар улахан кыһалҕа баар диэн түмүк оҥоруохха сөп.

Сонун төрдө: РСА саайта