Бүгүн Дьокуускайга буруо сүрдэннэ. Сорох сонуннарга буруо Амур, Хабаровскай уобаластарыттан уонна Уус Майда диэкиттэн кэлэр диэн суруйаллар. Дьиҥэр, ойуур 13 улууска умайа турар эбит, онон сылыктаатахха бэйэбит буруобут буолуон сөп.

Саха сирин Экологиятын министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, атырдьах ыйын 14 күнүгэр 264 181,3 га иэннээх сиргэ 59 ойуур уотун умуруоруу бара турар. Бу - Алдан, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Томпо, Уус Алдан, Уус Майда уонна Чурапчы улуустарыгар уонна 2,2 га иэннээх Өлүөхүмэ ураты харыстанар сиригэр.

Ааспыт хонук иһигэр 3 542,2 га иэннээх 12 ойуур уотун умуруордулар. Манна 1 536 үлэһит, 58 анал тиэхиньикэ, 4 АН-2 уонна Cessna сөмөлүөт ботуруулга, 9 МИ-8 бөртөлүөт умуруорууга үлэлии сылдьаллар. Киһи үөрбэт сыыппаралара...

Ойуур баһаара тоҕо маннык улахан сыыппараларга тиийдэ?

Бэйэ кэр.