Ил Дархан Айсен Николаев атырдьах ыйын 1 күнүгэр социальнай суолталаах эбийиэктэр тутууларын бэрэбиэркэлээһин чэрчитинэн Жатай бөһүөлэгэр тутулла турар орто оскуола эбийиэгэр сырытта уонна кыраапыктан хаалан иһиини түргэтэтэргэ, былааны ситиһэргэ сорудахтаата.

Санатар буоллахха, Жатай оскуолатын тутуу Ил Дархан судоверф тула социальнай аналлаах бөдөҥ эбийиэктэри оҥорор сыаллаах этиитинэн саҕаламмыта. Эбийиэк “Үөрэхтээһин” нац-бырайыагынан уонна 2023-2027 сс. “СӨ үөрэхтээһин сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагырааманан тутуллар. Тутуу эрэгийиэн бырабыыталыстыбата уонна “ПроШкола” ХЭУо (ВЭБ.РФ. хампаанньа оҕо тэрилтэтэ) түһэрсибит концессионнай сөбүлэһиилэринэн ыытыллар. Былаан быһыытынан, эбийиэк 2023 с. бүтүүтүгэр үлэҕэ киириэхтээх.

ff6d1c0a c420 47ea a517 d7ae63dd43e7

ddd072f1 e5d1 4d31 b096 ef7086c1547e

1e85a78b c073 484b 8f2d 5e416e63eae0

“Билиҥҥи туругунан, тутуу 30 % бэлэм. Хомойуох иһин, былаантан хойутааһын баар. Онон бүгүҥҥү сыалбыт-сорукпут – кыраапыкка тэтимнээхтик киирэн, былааны кэмигэр сөпкө толоруу уонна хаачыстыбалаах тутуулаах, толору сэбилэниилээх оскуоланы үлэҕэ киллэриии”, – диэн соругу туруорда Айсен Николаев.

Бүгүҥҥү туругунан, бастакы уонна иккис этээстэр монолит холуонналарын туруоруу, эбийиэк тас өттүн бетоннааһын, акылаатын оҥоруу уонна ардах-хаар, канализация уутун мунньар емкостары мунньуу үлэтэ бүппүт. Үһүс этээскэ монолит холуонналары туруоруу, этээһи сабар билиитэлэри оҥоруу, бастакы, иккис этээстэри эркиннээһин үлэтэ барар. Тутууга 58 киһи, 4 тиэхиньикэ үлэлиир. Уот, уу тардыытын, гаас киллэриитин дуогабардара түһэрсиллибиттэр.

Бырайыакка көрүллэринэн, 5 тыһ. кв. м үс этээстээх оскуолаҕа үөрэнэр кылаастары таһынан, оҕолорго мэдиссиинэ уонна уйулҕа өттүнэн өйөбүл, сынньанар-оонньуур хостор, уһанар уонна иистэнэр мастарыскыайдар, рекреация зоната, аактабай саала, костюмернай хос, успуорт саалата уонна эрчиллэр хос, остолобуой баар буолуохтара.

Даҕатан эттэххэ, бу иннинэ Айсен Николаев Жатайга кулун тутарга кэлэ сылдьыбыта. Оччолорго эбийиэк сыбаайатын сирин бэлэмнии сылдьаллара.

2023 с. бары күүһү холбоон, уопсайа, 74 социальнай эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх, о.и. 3660 миэстэлээх 16 оскуола, 360 миэстэлээх 6 уһуйаан, 1 эбии үөрэхтээһин киинэ, 10 физкультура уонна успуорт, 24 доруобуйа эбийиэктэрэ (11 ФАП уонна 4 ВА), 3 социальнай харайыы уонна 14 култуура эбийиэгэ.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Андрей Сорокин, ЯСИА хаартыската.