Бүгүҥҥү күн туругунан, уопсайа 111 687,7 гаа сиргэ 37 ойуур баһаарын умуллараллар. Ойуур уота Алдан, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Томпо, Уус Майда баар.

Ааспыт сууккаҕа 16 580, 6 гаалаах 9 ойуур баһаарын умуруордулар.

Уоту бохсор үлэҕэ 932 киһи, 29 спец-тиэхиньикэ, 16 АН-2 сөмөлүөт, 1 Cessna, 8 МИ-8 бөртөлүөт үлэлиир.

СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын уонна экология министиэристибэтин пресс-сулууспата.