Саха сиригэр 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан, 25-гэр диэри саастаах, аан бастакытын эр-ойох буолар эдэр ыалга 50-нуу тыһыынча солкуобайы биэрэр буолуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев туһааннаах дьаһалы таһаарбыт.
 
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова социальнай ситимнэргэ быһа биэриигэ иһитиннэрбитинэн, онно анаан 76,5 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчы көрүллүөхтээх.
 
Санаттахха, эдэр ыалга биир кэмнээх көмө харчы бэриллиэн сөбүн туһунан Ил Дархан “Дьиэ кэргэн-2023” бэстибээлгэ иһитиннэрбитэ. Бу туһунан СИА суруйар.