Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 224 лааҕырыгар 16 тыһ. оҕо доруобуйатын көннөрүнэр уонна сынньанар.

Ол курдук 148 күнүскү лааҕырга – 9920, 32 хонуктаах лааҕырга – 4885, 24 үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар – 1033 уонна 20 балааккалаах лааҕырга 446 оҕо сылдьар.

Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Аллараа Халымаҕа, Ленскэйгэ, Томпоҕо, Мииринэйгэ уонна Дьокуускай куоракка 198 оҕоҕо 8 лааҕырга инклюзивнай симиэнэ тэрилиннэ.

Иккис симиэнэҕэ байыаннай сулууспалаахтар-СВО кыттыылаахтарын оҕолоругар «Энергетик», «Сосновай бор», «Кэскил», «Сир уустара» лааҕырдарга босхо путевка көрүлүннэ.

Арктика оройуоннарыгар олорор 100 оҕо Краснодар кыраайын Шепси бөһ. “Юбилейнай” лааҕырын иккис симиэнэтигэр көттүлэр.

Уопсайа 13 Арктика оройуонуттан сылдьар 292 оҕо сынньалаҥа “Арктика оҕолоро” бырагырааманан федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэҕэ, оттон “Үөрэхтээһин сайдыыта” бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 566 оҕо сынньаныа.

2023 сыл сайыныгар өрөспүүбүлүкэҕэ 115 тыһ. оҕону араас көрүҥ сынньалаҥынан хааччыйар былааннаахтар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

СИА хаартыската