Дьокуускай аннынан муус барда Бүгүн, ыам ыйын 17 күнүгэр, Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Уу таһыма 496 см буолла. Муус үөһэ кирбиитэ Хаҥалас улууһун Иһит бөһүөлэгин аннынан баар. Онно у... | Уу суола суолтатын сүтэрбэт |
2002 сыллаахха РФ Федеральнай мунньаҕын Федерация сүбэтин аналитическай управлениета «Арассыыйа билиҥҥи демографическай балаһыанньата» диэн дакылаат бэлэмнээбитэ. Сүрдээх бөрүкүтэ суох ис хоһоонноох дакылаат кэнниттэн, дойду салалтата нэһилиэнньэ ахсаанын улаатыннарарга араас дьаһалы ылан барбыта. Ол иһигэр 2007 сыллаахтан «Ийэ хапытаала» диэн дьиэ кэргэҥҥэ үйэҕэ биирдэ бэриллэр виртуальнай харчы көрүллүбүтэ.
«Ийэ хапытаала» - ваучер?
«Ийэ хапытаала» социальнай программа үлэлиэҕиттэн оҕо төрөөһүнэ үс төгүл улаатта диэн буолар. Ол гынан баран сэртипикээти олоххо туһанар бэрт күчүмэҕэйдэрдээх. Кумааҕыта, докумуона, отчуота олус элбэх. «Ийэ хапытаала» 90-с сс. нэһилиэнньэҕэ түҥэтиллибит ваучеры санатар диэччилэр кытары бааллар. Ваучеры атыылыахха сөп этэ, оттон сэртипикээти атыылаан харчыга кубулутар кыаллыбат.
Федеральнай харчыны ылар уустук ирдэбиллэри тумнаары дьон араас албаска киирэр. Аймахтыылар бэйэ икки ардыларыгар дьиэлэрин «атыылаһаллар», «аҕыйах бырыһыаҥҥа» виртуальнай харчыны уу харчыга кубулутар фирмалар баар буоллулар. Итинник албын-көлдьүн фирмалар элбэх ийэни албыннаатылар диэн РФ Пенсионнай фондата сэрэтэр.
Сүүлүктээһин схемата сыаналаах кумааҕыны уу харчыга кубулутар схематынан оҥоһуллар. Итиннэ бэйэлэрин «өҥөлөрүн биирдиилээн да дьон, тэрилтэлэр даҕаны кыттыһаллар. Риелтэрдэр, хамсаабат баай-дуол агенстволара кытары ылыстылар. Бу тэрилтэлэр өҥөлөрө 30-100 тыһ. тиийэ халбаҥныыр. Бу суума ийэ хапытаалын харчытыттан көҕүрэтиллэр буолан, харчыга ыксаабыт ыаллар виртуальнай 100 тыһ. кытары сүүлүктэргэ ууран биэрэллэрин кэрэйбэттэр. Хайыахтарай, биэрэр-биэрбэт икки ардынан олохтоммут механизм баарын кэнниттэн.
«Ийэ хапытаала» программа аан бастаан олоххо киирэригэр, олуттаҕас соҕустук суруллубут сокуон тылын элбэх киһи (ол иһигэр улахан политиктар кытары) сыыһа өйдөөбүт этилэр. Иккис оҕо кэнниттэн төрөөбүт оҕолорго сырыы аайы 250 тыһ. бэриллэр диэн. Инньэ гынан, харчы туһуттан үһүстээн, төрдүстээн оҕоломмут ыаллар отоойкоҕо олорбуттар. «Ийэ хапытаалын» сэртипикээтэ дьахтарга үйэтигэр биирдэ эрэ бэриллэр – биирдэ эрэ харчы көрүллэр.
Үс оҕоттон үөһээ оҕолоох ыалга – босхо уһаайба
Быйылгыттан, регионнар таһымнарыттан саҕалаан, үс уонна да элбэх оҕолоох ыаллары өйөөн саҥа дьаһаллар таҕыстылар. Ол курдук – уһаайба, сир боппуруоһа күөрэйдэ.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох үстэн элбэх оҕолоох ыалга муниципалитет босхо уһаайба сирэ тыырыахтаах. Арассыыйа сокуона субъектар бэйэлэрэ сир үҥэтэр быраабыланы олохтуулларын көҥүллээтэ. Онон ханна, хас кээмэйдээх уһаайба бэриллиэхтээҕин олохтоох былаас бэйэтэ быһаарар.
Манна эмиэ улахан мөккүөр таҕыста. Сокуоннай сааспыт – 18. Онон 19-с сааһын туолбут оҕолоох ыал босхо сиргэ хапсыбат балаһыанньата үөскээтэ. Сорох дьокутааттар «сокуоннай сааһы» 24-ккэ диэри сыҕарытыахха наада диэн туруорсаллар. Тоҕо диэтэххэ 24-гэр диэри устудьуон оҕолоох дьон, син биир атын социальнай чэпчэтиилэргэ, дохуоттара кыра буоллаҕына босуобуйа ыларга кытары, хапсаллар. Бу сырыыга эмиэ ыал дохуотуттан көрөн уонна оҕото үөрэнэр буоллаҕына, босхо сиргэ тиксиэхтээх диэн этэллэр. Ити олус оруннаах туруорсуу. 24 саастаах оҕом сотору ыал буолара күүттэриэ суоҕа. Төрөппүт оҕотун олоҕун (саатар бастаан) түстээн биэрэрэ ытык иэһэ. Оттон эдэр дьоҥҥо уһаайба сирэ энньэ быһыытынан уһаайба тиксэрэ улахан көмө буолара саарбахтаммат.
Аны, дьокутааттар сири олохтоох уонна кэлии дьоҥҥо хайдах биэриэхтээхтэрин чопчулуохтарын наада. Чуолаан муниципальнай тэриллиигэ хас сыл олорбут буоллаҕына, босхо сир бэриллиэхтээҕин. Баҕар ханнык эрэ киргиз дуу, цыган ду дьахтара икки оҕолоох кэлэн баран күн бүгүн үсүһүн төрөөн баран, сарсыныгыар Дьокуускайга дуу, Сунтаарга дуу сир ылабын диэн туруо эбээт. Итиннэ эмиэ бэрээдэк наада.
Оҕо төрөөһүнэ элбээбитин төрүөтэ туохханый?
Ийэ хапытаалын туһуттан дьахталлар элбэхтик төрүүр буоллулар диэн этии аһара баһыылаах. 2008 сыллаахтан ыла Арассыыйа үрдүнэн экономическай балаһыанньа тупсубут. Дьон баһыйар өттө дохуота улааппыт, олоҕо туруктаах буолбут. «Путинкалар» ахсааннарын (2007 сыллаахтан төрөөбүт оҕолор) орто саастаах дьахталлар эмиэ элбэтэллэр. Олохторун-дьаһахтарын оҥостубут, социальнай балаһыанньалара туруктаах буолбут отуттарыттан үөһээ саастаах дьахталлар оҕоломмуттар. 90-с сылларга сарсын туох буолара биллибэт кэмигэр оҕо төрөөһүнэ букатын түһэ сылдьыбыта. Билигин онуоха холоотоххо син сарсыҥҥыга эрэл баар. Ол иһин эдэр дьон оҕолонор буолбуттар.
Демографтарга Истерлинг түһүмэҕэ диэн өйдөбүл баар. «Оҕо төрөппүтүнээҕэр элбэх хамнастаах буоллаҕына, сарсыҥҥытыгар эрэл үөскүүр, эрэл баар буоллаҕына киһи оҕо-уруу тэнитэр» диэн американскай учуонай Истерлинг быһааран турар.
Истерлинг түһүмэҕин Чечня өрөспүүбүлүкэтин холобуругар чаҕылхайдык көстөр диэн демографтар этэллэр. Биир чечен эдэр дьахтарыгар үс оҕо тиксэр эбит. Сэрии саҕана улааппыт оҕолор билигин экономическай балаһыанньалара тупсан оҕолоноллор диэн быһаараллар. Биир өттүнэн оннук да буолуо, ол гынан баран Чечня бэйэтин иһигэр эмиэ атын, туһунан политика ыытыллара эмиэ баар суол. Сэрии иннинэ чеченнэр ахсааннара мөлүйүөнү кыайбат буоллаҕына, билигин икки төгүл эбиллибиттэр. Чеченнэр ахсааннарын элбэтинээри дьахталларын тохтоло суох төрөтөллөр. Биир өттүнэн, «сэрии сиэртибэтин аайы федеральнай киинтэн компенсация көрүллэр, чеченнэр ол иһин ахсааннарын элбэтиннэрэллэр» диэччилэр эмиэ бааллар. Бу үс түгэн барыта түмүллэн чечен ахсаанын эмиэ «халыҥаппыт» буолуохтаах.
Ийэлэри харчынан манчыыктаан төрөтөөһүн -- биир кэмнээх диэн эмиэ этэллэр. Холобур, Скандинавияҕа оҕо төрөөтөҕүнэ элбэх харчыны биэрэ сылдьыбыттарыгар эрэ оҕолоно сылдьыбыттар. Ону даҕаны социологическай чинчийии түмүгүнэн, улахан аҥаара эрдэ былааннаммыт оҕо төрөөбүт. Ити харчынан көҕүлүүр эрэ кэмҥэ оҕо төрөөһүнэ элбии сылдьыбыт, ол кэнниттэн төрөөһүн букатын тохтуу сыспыт.
Арассыыйа төннөн эрэр судаарыстыба ахсааныгар сылдьар
Дойдубут дьоно-сэргэтэ бүтэһик 15 сыл иһигэр 10 мөл. аҕыйаабыт. ООН билгэлииринэн, 21-с үйэ ортотугар Арассыыйа судаарыстыбатын нэһилиэнньэтэ 142,7 мөлүйүөнтэн 101 мөлүйүөҥҥэ диэри көҕүрүөхтээх.
Онон куолаһы атыылаһар курдук быстах кэмнээх соһучу-соһуччу «бэриктэр» быһыытынан оҕо төрөөһүнүн өйөөбөккө, олох-дьаһах уопсай таһыма үрдээтэҕинэ эрэ эбиллиэхпит. Оҕолонуу геройствоҕа тэҥнэһэр кэмэ аастаҕына, оҕо – сарсыҥҥыга эрэли кэрэһэлиир кэм кэлэрин Арассыыйа тиллэр, хаҥыыр судаарыстыба аатын ылыаҕа.
Чахчылар:
- Сайдыылаах диэн ааттыыр, чарапчыланар дойдуларбытыгар оҕолоох дьахталларга ипотека кредитэ 4-6%.
- Арассыыйаҕа 1992-2000 сс. тас дойдулартан 3,3 мөл. киһи олохсуйа киирбит. Олохтоох нэһилиэнньэ ахсаана 6,8 мөл. аччаабыт.
- Эр дьон өлүүтэ дьахталлардааҕар түөрт төгүл элбэх. Сыллата эр дьон быһымахха былдьатар: саахалга, охсуһуууга, арыгылаан, бэйэтигэр тиийинэн өлөр.
- Огдообо дьахталлар, тулаайах оҕолор, инбэлиит дьон ахсааннара элбээн иһэр.
- сэллик, сифилис, СПИД ыарыылара, өйүнэн мөлтөх оҕолор төрөөһүннэрэ элбээбит.
- 90 сс. диэри ыал иккиттэн итэҕэһэ суох оҕолоох буоллаҕына, билигин биир оҕолоох, эбэтэр олох да оҕолонуон баҕарбат ыаллар 80%-ны ылаллар.
