Үс оҕоттон үөһээ оҕолоох ыалга – босхо уһаайба
2002 сыллаахха РФ Федеральнай мунньаҕын Федерация сүбэтин аналитическай управлениета «Арассыыйа билиҥҥи демографическай балаһыанньата» диэн дакылаат бэлэмнээбитэ. Сүрдээх бөрүкүтэ суох ис хоһоонноох дакылаат кэнниттэн, дойду салалтата нэһилиэнньэ ахсаанын улаатыннарарга араас дьаһалы ылан барбыта. Ол иһигэр 2007 сыллаахтан «Ийэ хапытаала» диэн дьиэ кэргэҥҥэ үйэҕэ биирдэ бэриллэр виртуальнай харчы көрүллүбүтэ.
«Ийэ хапытаала» - ваучер?
Туттулубут пластиковай бытыылкаттан тапочка-сланцы
 Туттулубут пластиковай бытыылкаттан ону-маны оҥоруохха сөп. Холобур бу курдук сайыҥҥы атах таҥаһын.
Туттуллар матырыйааллар:
Ийээ, миигин ыл…
Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэлээх-аҕалаах эрээри көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт уонна тулаайах 5667 оҕо баар. Оҕону иитэ ылыы олох аҕыйах. Холобур, 2009 с. 206 эбит буоллаҕына, 2010 с. 211 эрэ буолбут. Хамнас төлөнөрүттэн эбитэ дуу, ордук эппэкиин быһыытынан иитии үксээбит. Кэлиҥҥинэн хас да оҕону тэҥинэн иитэ ылар ыаллар баар буолбуттара кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри олохпут таһыма намыһаҕыттан, кыаммат-тииһиммэт ыал элбэҕиттэн барыта санаа хоту буолбат. Ийэлээх-аҕалаах эрээри тыыннаах тулаайах хаалбыт оҕо аҕыйыахтааҕар, күн-түүн эбиллэ турар эбит.
Надежда Тадагава: «Хомус холботолообута»
Биһиги биир дойдулаахтарбыт тас дойдуларга тахсан, ыал буолан олороллорун элбэҕи билэбит. Олортон биирдэстэрэ — Японияҕа олорор Надежда Тадагава (Попова). Кини кэргэнин Лео Тадагаваны кытта Хомус кэнгириэһигэр кэлэ сылдьан, «Кыым» хаһыакка ыалдьыттаан ааста.
— Надя, эн хантан төрүттээххин?
— Мин Чурапчыга төрөөбүтүм, онно улааппытым, үөрэммитим. Аҕам Михаил Попов диэн судьуйа этэ, 1979 с. өлбүтэ. Кини дэтэктииптэри суруйара, бу соторутааҕыта «Бичиккэ» кинигэтэ тахсыбыта.
Пенсия мунньуллар чааһа диэн тугуй?
Хоруй: Пенсия мунньуллар чааһа, ол эбэтэр, пенсионнай мунньунуу – үлэ пенсиятын өлүүтэ буолар. 2002-2004 сыллардаахха пенсия мунньуллар чааһа дьахталларга 1957 сылтан бэттэх төрөөбүттэргэ, оттон эр дьоҥҥо 1953 сылтан бэттэх төрөөбүттэргэ баар буолбута. 2005 сылтан мунньуллар чаас 1967 сылтан төрөөбүттэргэ ааҕыллар.
Ийэ хапытаалын харчыта хамсыырын кытаанахтык хонтуруоллаары соруналлар
Ааспыт сыл түмүктэрин таһаарыы үгэнэ. РФ премьер-миниистирэ В.Путин дойду Пенсионнай фондатын үлэһиттэрин кытары быһа сибээскэ тахсан кэпсэттэ.
Путин «биһиэхэ эрэ кризис кэмигэр пенсия, пособие үрдээтэ» диэн эттэ. 2010 сылга үлэ пенсиятын орто кээмэйэ 45% үрдээбит. ПФ үлэтэ былырыын туох да моһоло, харгыһа суох барбытын атын да миниистирдэр улаханнык дуоһуйан олорон бэлиэтээтилэр. Путин, быйыл олунньуттан үлэ пенсията 8,8% үрдээбитинэн эмиэ күөн тутунна. Инньэ гынан, орто пенсия 8 865 солк. буолбут...
Ким дьиэҕэ хаһаайыный?!
Биһиги көмүскээччилэрбититтэн, араҥаччылааччыларбытыттан туох ирдэнэрий? Олох ирдэбилинэн эр киһи дьиэ туттуохтаах, оҕо төрөтүөхтээх, мас үүннэриэхтээх диэн. Биллэн турар, эр дьон олоххо ситиһиилээх буолуохтарын баҕараллар. Ситиһии диэн тугуй? Ситиһии диэн бу харчы, баай эрэ дуо?
Биллэрин курдук, эр киһи уонна дьахтар уйулҕалара олус ураты. Бу туоһутунан уйулҕа чинчийээччилэрэ эр киһини Марстан, оттон дьахтары Юпитертан сылдьар диэн эппиттэрэ эмиэ буолар. Ол эбэтэр кинилэр олох тус- туспа өйдөөх-санаалаах дьон диэн эппит буолуохтаахтар. Ситиһии төрдө туохха сытарын билээри бастаан маны ырытыаххайыҥ. Эр киһи ситиһиилээх буолара дьахтартан улахан тутулуктаах эбит.
Дьахталлар сийиэстэрин көрсө
Кулун тутар 3-4 күннэригэр Дьахталлар 13-с сийиэстэрэ буолаары турар. Јріспүүбүлүкэ бары муннугуттан актыбыыс дьахталлар кэлэн араас хайысхаҕа үлэлиэхтэрэ. Манна диэн эттэххэ, хас нэґилиэк аайы түілбэнэн “Дьахталлар түмсүүлэрэ” диэн үлэлиир. Ким даҕаны күґэйбэтэр, сүрэхтэрин баҕатынан буор босхо. Сыччах нэґилиэнньэ біҕі туруктаах, бигэ тирэхтээх, чіл олохтоох буоллун диэн санаанан салайтаран. Маннык уопсастыбаннай үлэ тіґілііх бириэмэни, күүґү-уоҕу эрэйэрин сэрэйиэххэ эрэ сіп.
Оҕо иитэ ылар дьоҥҥо сүбэ
Оҕону иитэ ылар тіріппүттэртэн майгы-сигили іттүттэн сайдыыны, сайаҕас, истиІ, сэргэх буолары эрэйэр.
Биллэн турар оҕону кыґыл эрдэҕиттэн ыллахха, оҕо адаптацията да, оҕоҕо ылларыы да чэпчэки соҕустук барар. Бу түгэІІэ оҕоҕо эрэ буолбакка тіріппүттэргэ аймахтар, доҕоттор іттүлэриттэн ійдііґүн уонна ійібүл наада.
Арассыыйа нэһилиэнньэтин ахсаанын өрө тардыы
Оҕо төрөөбөт буоллаҕына – норуот эстэр. Инньэ ааспыт үйэ ортотуттан учуонайдар Арассыыйа нэһилиэнньэтэ аҕыйаан иһэриттэн дьаахханаллар. Сир шарын үрдүнэн икки атахтаах элбээн иһэр буоллаҕына, биһиги дойдубутугар нэһилиэнньэ төттөрү кыччаан иһэр.
Кэмниэ-кэнэҕэс политиктар «өйдөрүн булан» оҕо төрөөһүнүгэр болҕомтолорун уурдулар. Ыалга иккис оҕо төрөөтөҕүнэ «ийэ хаппытаала» диэн ааттаан ботуччу соҕус харчы көрүллэр буолан, син демографическай балаһыанньа балайда тупсан эрэр диэн статистиктар этэллэр.
|
|
|
|
Бу 1 сирэй 2 иһиттэн |