Балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, 414 тыһ 867 га сир охсуллубут, 447 тыһ 019 туонна от оттоммут, ол аата сыллааҕы былаан 93% туолбут. Бу ааспыт сылтан 13 тыһ туоннанан элбэх.

2019 сыллаах былаан 479,4 тыһ туоннаҕа тэҥнэһэр. Сиилэс – 24,3 тыһ туонна, сенаж – 14,2 тыһ туонна. Билигин оҕуруот аһын хомуйуу үгэнэ. Туорахтаах култуура үүнэр сирэ 10778 га. Мантан 6816 га, ол аата 63%, 7403 туонна хомуллубут. Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл 78 035 туонна хортуоска хомуллара былааннанар. Балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи көрдөрүүнэн хортуоска валовай хомуллуута 48,4 тыһ туоннаҕа тэҥнэспит, бу былаантан 62% буолар. Тыа хаһаайыстыбатын салалтатын көрдөрүүтүнэн, хортуоска былааннаммыт объемуттан 100% хостонуохтаах.

ysia.ru