“Якутия” авиахампаанньа уон Sukhoi Superjet 100 уонна биэс МС-21 сөмөлүөттэри атыылаһарга сөбүлэҥҥэ илии баттаста. Бу туһунан РФ бэрэсидьиэнингэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов иһитинэрэр.

Бу иннинэ “Иркут” уонна “Гражданские самолеты Сухого” бэрэсидьиэннэрэ Равиль Хакимов “Якутия” авиахампаанньа 150-тэн 211 пассажирга диэри миэстэлээх биэс МС-21 сөмөлүөтү атыылаһар санаалааҕын эппитэ. МАКС-2019 чэрчитинэн, авиахампаанньа эбии 10 Суперджеты атыылаһарга сөбүлэҥҥэ илии баттаспыт. Бу сөмөлүөттэр Дьокуускайтан Москубаҕа диэри көтүөхтэрэ уонна Боинг-737 сөмөлүөттэри солбуйуохтара.

Эбэн эттэххэ, бэҕэһээ “Якутия” ах Сухой Суперджет сөмөлүөтэ Певеккэ көиөн түһэригэр сүүс түннүгэ хайа барбыт. Ким да эмсэҕэлээбэтэх, сөмөлүөт Дьокуускайга төннөр эриэйсин тохтоппут.